Иитээччи — үтүөнү, сырдыгы саҕааччы

Олоҕун кэнчээри ыччаты иитиигэ, үөрэтиигэ, сайыннарыыга анаабыт Томтор нэһилиэгин “Кэскил” уһуйаанын иитээччитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Елена Иванова иитээччи эйгэтигэр үлэлээбитэ номнуо 40 сыл буолла.

Елена Иванова хас биирдии оҕо уратытын, талаанын таба көрөн, кыра саастарыттан ону сайыннарарга үлэлэһэр. Идэтин дириҥник баһылаабыт уопуттаах иитээччи дьарыгар арааһынай ньымалары туттар. Ырыа, үҥкүү, уруһуй, пластилинынан үлэ, ааҕыы о.д.а. кини сатабыллаахтык туттар методиката.

Уһуйааччы араас тиэмэлээх интэриэһинэй бэсиэдэлэри, оҕо өйүн-толкуйун, айар дьоҕурун сайыннарар оонньуулары ыытар.

Маны сэргэ иитээччи өбүгэ оонньууларыгар эмиэ ураты болҕомтотун уурар. Елена Титовна иитиллээччилэрэ кырабыт диэбэттэр, “Инникигэ хардыы” билим-практическай кэмпириэнсийэҕэ куруутун ситиһиилээхтик кытталлар.

Диана Винокурова, хореография салаатын уһуйааччыта:

Елена Титовна үлэтигэр олус бэриниилээх, хас биирдии оҕоҕо ураты сыһыаннаах, оҕону таптыыр уһуйааччы. Кини мин бастакы уһуйааччым, үҥкүүгэ бастакы учууталым, онон кини иҥэрбит дьоҕура билиигэ тардыһыыга, такайыыта олохпор үтүө аргыс буолбута. Билигин кини үөрэтэн таһаарбыт оҕолоро миэхэ дьарыктаналлар.

Люция Егорова, начаалынай кылаас учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна: 

— Мин Томтордооҕу Н.М. Заболоцкай аатынан оскуолаҕа үлэлээбитим номнуо 44 сыл буолла. Бу кэм устата уһуйаантан саҥа тахсыбыт төһөлөөх оҕону үөрэппитим буолуой? Оҕо сайдыыта, майгыта уһуйааччылартан улахан тутулуктаах. Елена Титовна иитиллээччилэрэ хас да төгүл миэхэ түбэстилэр. Кини айымньылаахтык үлэлиир иитээччи буолан, оҕолоро бары үҥкүүһүт, ырыаһыт, туохха барытыгар көхтөөх буолааччылар. Маннык иитиллэн тахсыбыт оҕо үөрэҕи да чэпчэкитик ылынар, тэрээһиннэргэ да көхтөөхтүк баҕаран туран кыттар.

Аны да айымньылаахтык үлэлээ, Елена Титовна!, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Ольга Скрыбыкина

Читайте дальше