Томтор бибилэтиэкэтигэр соторутааҕыта буолбут көрсүһүү иһирэх-истиҥ иэйиинэн салаллан, айар кут абылаҥар куустаран ыытылынна. Бэйиэт Хотууна хоһоонноро ураты туспа тыыннаахтар, хас биирдии хоһоонун ааҕан истэҕиҥ аайы ис туруккунан ылынан, ол хоһоон эйгэтигэр киирэргэ дылы буолаҕын. Оннук дьикти, куйаартан кутуллан кэлбит, сипсийэр уу сахалыы тыллардаах хоһооннор.
Айар куттаах Римма Иннокентьевна Корякина-Хотууна СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, поэтесса, прозаик, драматург. Кини «Чурапчы» диэн ааттаах айар түмсүү салайааччыта. Оҕолорго аналлаах хоһооннору суруйар.
Кини Дьааҥҥыттан төрүттээх, «Эчий» түмсүү чилиэнэ, аҕыс кинигэ ааптара. Үлэтин-хамнаһын, дьиэ кэргэнин туһунан экраҥҥа презентация оҥорбутун мустубут дьон сэргээн көрдүбүт.
Дойду ахтылҕана хас биирдии киһини, биир дойдулааҕы ситимниир. Чурапчыттан төрүттээх мелодист Петр Слепцов байаанын туппутунан көрсүһүүгэ кэлэн, кэргэнэ Татьяна Запиваловалыын Хотууна тылларыгар суруллубут хоһоону ырыа гынан кынаттаатылар, ону таһынан бэйэтин мелодиятыгар таһаарбыт ырыаларын толорон дьон сэҥээриитин ыллылар.
Римма Иннокентьевна биһиги нэһилиэкпит бибилэтиэкэтигэр кинигэлэрин өйдөбүнньүк гынан бэлэх уунна. Биһиги бу күн поэзия ураты эйгэтигэр ыалдьыттаан, дууһабыт кэрэнэн туолан, бу олоххо хас биирдии түгэн күндү, дьол буоларын итэҕэйдибит.
Дария ТИХОМИРОВА, Томтор
Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ