Варвара ДьЯКОНОВА, Төрүт орто оскуолатын начаалынай кылааһын учуутала:
- Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо «Хотугу сардаҥа» хаһыаты сэҥээрэн ааҕабыт.
Бу хаһыаты биир дойдулаахпыт, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи С.М. Егоров-Кэрэспэндиэн Сэргэй төрүттээбитин туһунан өрүүтүн оҕолорго кэпсиибит, сырдатабыт. Олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылыыр «Хотугу сардаҥа» сонуннарын куйаар ситиминэн эмиэ билсэ олорорбут кэрэхсэбиллээх.
Саха буоларгытынан киэҥ туттуҥ, төрөөбүт тылгытын үөрэтиҥ, улууспут биир баар-суох сахалыы тыллаах хаһыатын ааҕыҥ, суруйтарыҥ диэн ыҥырабын.
Евдокия Егорова