«Хотугу сардаҥа» — күүтүүлээх, эрэллээх доҕорум

Раиса Маркеловна Березкина, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын туйгуна, Томтор:

— Улууһум хаһыатын сэргээн, мэлдьи көтүппэккэ ааҕабын. «Хотугу  сардаҥа» — өрүү саамай  күүтүүлээх хаһыатым буолар. Оройуоҥҥа буолар интэриэһинэй сонуннары ааҕан билэ олоробун.

Мин түгэнинэн туһанан, эдэр ыччакка санаабын тиэрдиэм этэ: «Төрөөбүт тылгытын сайыннарыҥ, дьону-сэргэни да кытта алтыһаргытыгар сахалыы сайа саҥардаххытына олоххо көрүүгүт уларыйыаҕа, ол үөрэххитигэр көмө-тирэх буолуоҕа».

Билигин бу улуус сонуннарын киэҥник тарҕатар соҕотох сахалыы бэчээт кыһата. Онон биһиги хаһыаппыт ааҕааччы болҕомтотун тарда турарыгар баҕа санаабын этэбин.

Күндү Өймөкөөн улууһун олохтоохторо, бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар «Хотугу  сардаҥа» уонна «Севернай заря» хаһыаттары сурутан,  үтүөкэн аһымал түгэнин куоттарымаҥ диэн баҕа санаабын этэбин.

Улууспут хаһыата куруутун үүнэ-сайда турдун, эрэллээх ааҕааччылардаах буоллун, дьон-сэргэ махталын ыла турдун!

Евдокия Егорова

Читайте дальше