1989 сыллаахха Сэргэй төрөөбүт Төрүтүгэр «Индигирзолото» хайа-байытар комбинат «Дружба» совхоһугар разнорабочайынан үлэлиир этэ. Биирдэ, 1990 сыл сэтинньитигэр, кини киэһээ үлэтиттэн кэлэн баран, миигин бу курдук соруйааччы буолла:
— Света, массыыҥканан сурук бэчээттиэххэ наада. Саха Республикатын Үрдүкү Сэбиэтин Председателин Михаил Ефимович Николаев аатыгар. Кини хайаан да көмөлөһүөҕэ, сахатын дьонун өйүөҕэ диэн бүк эрэнэбин. Өймөкөөн оройуонугар сахалыы тыллаах хаһыат хайаан да наада, ол тахсарын туруорсан суруйаары. Эн массыыҥкаҕа талыаҥ буоллаҕа.
Дьэ, ол кэнниттэн миэхэ тиэкиһин этэн барда. Ити диктуйдуурун быыһыгар миигин бытааҥҥын диэн мөҕөн, сэмэлээн ылар.
Ол “Убаастабыллаах Михаил Ефимович!” диэн төбөлөөх сурук тиэмэтэ маннык этэ. Өймөкөөн промышленнай оройуонугар 1945 сылтан нууччалыы тылынан “Северная заря” хаһыат тахсар уонна 1952 с. Өймөкөөн бөһүөлэгэр “Хотугу сардаҥа” диэн сахалыы хаһыат тахса сылдьыбыта, оттон 1964 сылтан ыла оройуон хаһыата аҥардас нууччалыы эрэ тахсар буолбута. Ити кэмтэн ыла Өймөкөөн сахалыы саҥалаах нэһилиэнньэтэ бэйэтин төрөөбүт тылынан бэчээккэ суруйар, санаатын атастаһар кыаҕа сарбыллыбыта.
—Билигин уларыйыы кэмэ, олохпут олус уустук. Ол эрээри куруутун маннык буолуо суоҕа, хаһан эмэ барыта орун-оннун булуоҕа, култуура-духуобунас сайдар суолугар киириэҕэ. Саха тыла сүппэтин-симэлийбэтин туһуттан, Өймөкөөн сахатын дьоно бэйэбит сахалыы тыллаах хаһыаттаах буолуохпутун баҕарабыт.
Итини этэн туран, Сэргэй суругар 1990-с сыллар саҕаланыыларыгар оройуоҥҥа төһө-хас саха олорорун ыйбыта, саҥа кэмҥэ промышленнай оройуон сахаларын өйүн-санаатын уһугуннарар туһуттан, Өймөкөөн сахалара төрөөбүт тылларынан холкутук суруйалларын, санааларын сайа этэллэрин, атастаһалларын туһугар туспа суоллаах-иистээх, сахалыы тыыннаах хаһыат наадатын сиһилии быһааран дакаастаабыта. Онуоха салайааччы Михаил Ефимович Николаевтан көмөлөһөрүгэр көрдөспүтэ уонна киниэхэ улаханнык эрэнэрин биллэрбитэ.
Ити саҕана республикабытыгар судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларация ылыныллыбыт, национальнай оскуола сайдыытын концепцията бэлэмнэнэ сылдьар эппиэттээх кэмэ этэ.
Нэһилиэнньэ аатыттан ол суруйбут туруорсуулаах суругун Сергей Егоров Дьокуускайга почтанан буолбакка, киин куоракка олохсуйан олорор балтыгар, эрэнэр киһитигэр Фаина Афанасьевна Румянцеваҕа аадырыстаан, дьонунан ыытарга быһаарыммыта.
— Фаяны сурукпун Василий Васильевич Румянцевка тиэрдэригэр көрдөһүөм. Кини суругу Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтин председателигэр Михаил Николаевич Николаевка хайаан да тиксэриэҕэ. (В.В. Румянцев оччолорго СР Үрдүкү Сэбиэтин наградной отделын начальнигынан үлэлиирэ, Сэргэй куоракка кинилиин билсибит этэ).
Дьэ, ол М.Е. Николаев аатыгар суруллубут көрдөһүү сурук ыытыллыбытын кэнниттэн хас да ый ааспыта.
(Ахтыы толору тиэкиһин «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ).
Светлана Егорова-Слепцова