Кэнники сылларга саха хомуһугар олус бэркэ оонньуур ыччат элбээбитин бэлиэтии көрөбүн. Биир оннук ураты буочардаах хомусчут Георгий Слепцов — Чаҕылхан. Бүгүн Арчы ыалдьыта кини.
— Георгий, үтүө күнүнэн! Саха киһитин сиэринэн бэйэҕин билиһиннэр?
— Мин Саха сирин саамай тымныы муннугар Өймөкөөн Томторугар күн сирин көрбүтүм. Дьокуускайга улааппытым. Оҕо сылдьан Сунтаар Элгээйитигэр сайылыырым. Төрдүс кылааска Сунтаарга үөрэммитим уонна онно аан бастаан хомуска оонньуур буолбутум. Хомуһу сөпкө тутарга, сатаан оонньуурга, улахан үөрэҕи тойук кырдала, олоҥхо дойдута Сунтаарга ылбытым.
Сахалыы аатым Чаҕыл диэн. 2014 сыллаахха бииргэ айа-тута сылдьыбыт «Дыгын» бөлөхпүттэн туһунан барбытым уонна ааппар аҕыйах буукубаны эбэммин, Чаҕылхан диэн ааты ылыммытым.
— Хомус эн санааҕар, эн олоххор суолтата?
— Хомус мин олохпун 100% уларыппыта. Хомуһа суох мин олоҕум сиэрэй, чуҥкук буолуо эбит дии саныыбын. Онон хомус аргыстаах буоламмын, Аан дойду устун айаным элбээбитэ , олоҕу сыаналыырым, кэрэни кэрэхсиирим күүһүрбүтэ.
Хомус баар буолан, миэхэ дойду араас муннугар сылдьар, айанныыр кыах баар. Ол аата, киэҥ сири-дойдуну көрөн, толкуйдуурун, билэрин-көрөрүн кэҥиир. Олох араас түгэннэригэр куруук хомуспун илдьэ сылдьар буоламмын, хомуска оонньоон уоскуйабын, санаабын сааһылыыбын, күүс-сэниэ киллэринэбин.
Хомуска 5 сааспыттан оонньуубун эрээри, өйдөөн-төйдөөн ылсыым, 11 сааспыттан интэриэстээхтик оонньуур буолбутум. Ийэбэр С.Н.Поповаҕа , эдьиийбэр Н.Н.Сековаҕа махтанабын. Мин баҕабын өйөөннөр, кэми мүччү туппаккалар эбии дьарыкка биэрэн, хомус курдук аптаах, алыптаах саха музыкальнай инструменыгар сыһыарбыттарыгар, сөптөөх суолу ыйан биэрбиттэригэр. Билигин хомус — мин килиэбим, мин олоҕум.
— Уһуйааччыларын кимнээҕий?
— Үс улахан учууталга Т.А.Алексееваҕа, Е.А.Семеноваҕа, В.В.Лыткинаҕа үөрэммитим. Уһуйааччыларым миэхэ таҥара тэҥэ дьон. Куруук махтана сылдьарбын сөбүлүүбүн. Тоҕо диэтэххэ, махтал, ситиһиигэ тиэрдэр.
— Ким оҥорбут хомуһугар оонньуугунуй?
— Билигин бэйэм биллэр хомус ууһа И.К.Колодезников-Үрүҥ Уус оҥорбут хомуһугар оонньуубун. Хомойуох иһин сэдэх быһыылаах-таһаалаах, ураты тыыннаах хомустар ааптардара аҕыйах сыллааҕыта, күн сириттэн күрэммитэ.
Кини кынаттаах алгыстаах хомуһунан оонньуур дьон бука бары бу уус уратытытын этиэхтэрэ. Ол курдук, Иван Кононович оҥорбут хомуһа ураты тыастаах уонна кини хомуһун илиигинэн туппакка эрэ оонньуохха сөп. Онон хаарыаннаах Үрүҥ Ууспутун элбэх киһи суохтаатыбыт.
— Ханна үлэлиигиний? Хомуска дьарыгын туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
— 2014 сылтан ыла С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү театрын артыыһынан үлэлиибин. 2013 сылтан хомуска дьаныардаахтык ылсыһан дьарыктыыбын. Бу сылларга уопсайа 5000-тан тахса киһини үөрэттим. Үөрэнээччилэрим Аан дойдутааҕы, Бүтүн Россиятааҕы, республикатааҕы куонкурустар кыайыылаахтара. Миэхэ үөрэммиттэр түмсэн «Арыллыы» уонна «Чэгиэн» диэн ааттаах хомусчуттар ансамблларын тэрийэннэр, элбэхтик араас куонкурустарга, көрүүлэргэ, кэнсиэрдэргэ кыттабыт.
Бастаан көрөөччү дьүүлүгэр тахсыыбытыгар мин этно-бөлөхтөөх этим. Онно 14 саастаах Владимир Дормидонтов, 15 саастаах Карина Иванова бааллара. Быйыл өр кэмнээх тохтобул кэнниттэн, айар бөлөх тэринним. Саҥа састаапка Галина Кайкы, Марк Юшин, Виталий Сорошев, Виктория Владимирова киирдилэр.
2010 сылтан хомуска бэйэм ааптар быһыытынан оҥорбут ньымабынан, техникабынан үөрэтэбин. Билиҥҥи туругунан хомуска 50 араас тардыыны баһылаатым. Хомус азбукатын таһаарыахпын баҕарабын. Хомуска сатаан оонньуур дьон кэллэхтэринэ даҕаны, миэхэ нуултан саҕалаан үөрэнэллэр. Онон бэйэм эрэ ньымабынан, техникабынан үөрэтэбин.
Холобур, саамай кыра хомусчутум 3 саастаах. Ону тэҥэ ытык 82 сааһыгар сылдьар хомусчут эбээ баар. Онон хомуска оонньуурга саас мэһэйдээбэт. Баҕа эрэ баар буолуон наада. Элбэх пенсиионер саастаах дьон кэлэллэр. Үлэттэн тохтоон, сиэннэр улаатан, тус бэйэлэригэр болҕомто, бириэмэ анааннар хомус дьарыгар кэлэр дьон сааһыттан, эр киһи, дьахтар , туох идэлээх буолалларыттан тутулуга суох дьон хомус киэҥ эйгэтин арыйа кэлэллэр.
Үөрэххэ баҕалаах дьону көрөммүн наһаа үөрэбин, кинилэртэн кынаттанабын. Хомуһу баһылыырга музыкальнай слух диэн наадата суох.
— Эн саха хомуһа чахчы эмтээх диигин дуо?
— Мин санаабар, хомус киһи доруобуйатыгар сабыдыала олус улахан. Саха хомуһа барахсан ньиэрбэ ыарыытыттан, депрессияттан таһаарар, эмтиир күүстээх. Ону таһынан хаан эргииригэр эмиэ дьайар уонна хомус намыһах вибрацията киһи уопсай туругун тупсарар. Тыҥа үлэтигэр эмиэ туһалаах. Саха хомуһун киһи доруобуйатыгар дьайыытын туһунан физик учуонай Николай Бурцев дакаастаабыта ыраатта.
Мин дьарыктарбар быраастар үгүстүк сылдьаллар. Кинилэр хомус эмтиир күүстээҕин эттэринэн-хааннарынан билээри уонна инникитин ону бэйэлэрин практикаларыгар туһанаары кэлэллэр. Бэйэм кэтээн көрдөхпүнэ, хомуһу кытта олохторун сибээстээбит дьон, олохторо чахчы үчүгэй эрэ өттүгэр уларыйар, тупсар.
— Хомусчут быһыытынан туох ситиһиилэрдээххиний?
— Мин саамай улахан ситиһиибинэн 2016 сыллаахха Пермь куоракка Бүтүн Россиятааҕы «Живая нить” куонкуруска кыайыым буолар. Аан дойду 20-чэ дойдутугар, Россия араас куораттарыгар, таптыыр Сахам сирин бары кэриэтэ улуустарыгар сылдьан, хомус тыаһын иһитиннэрдим.
— Өссө ханнык музыкальнай инструмеҥҥа оонньуугунуй?
— Мин таҥсыр диэн музыкальнай инструмеҥҥа, саха добратыгар оонньуубун. Миигин “Кыл Саха” норуот инструменнарын ансамблын салайааччыта А.И.Томская үөрэппитэ. Итини таһынан, фортепианоҕа оонньуубун. Гитараҕа уонна глюкофоҥҥа оонньуурбун сөбүлүүбүн. Түмүктээн эттэхпинэ, хомус миэхэ музыкальнай инструмент эрэ буолбатах, бу мин олоҕум, инниким.
— Сэтинньиттэн хомус эйгэтигэр саҥа линияны «PRO KHOMUS» дьон киэҥ сэҥээриитигэр таһаардым. Ол аата, үрдүк хаачыстыбалаах, профессиональнай люкс хомустар. Доҕотторбун кытта мастарыскыайга биир доҕорум хомус куорпуһун, биир табаарыһым чехолун уонна дизайнерскай бляшкатын оҥорор. Бэйэм ааптардаан хомуһу дизайнердаан, тыаһын настройкалаан биэрэбин уонна дьон-сэргэ киэҥ дьүүлүгэр таһаарабыт. Итини тэҥэ профессионал быһыытынан хомуска оонньуур баҕалаах дьону үөрэтэр уонна продюсердыыр оскуоланы арыйдым.
Бастакы сольнай кэнсиэрбин Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр муус устар 2 күнүгэр оҥорбутум. Иккис кэнсиэрбин бу сэтинньи 24 күнүгэр Эстрада государственнай театрын камернай саалатыгар оҥороору бэлэмнэнэ сылдьабын.
Бу күһүн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтигэр «Ырыа ыллыгынан сулустардыын» диэн биһиги «Арыллыы» айар студиябыт кэнсиэригэр режиссердаабытым. Бу дьоро киэһэ биһиги үөрэнээччилэрбит биллэр артыыстары кытта бииргэ ыллаан, хомустаан, үҥкүүлээн көрдөрбүттэрэ. Зал тобус-толору этэ. Көрөөччү олус сэҥээрбитэ.
Бу күннэргэ Улуу Москва куоракка ВДНХ-ҕа Саха сирин күннэрин тэрээһинигэр кыттан кэллим. Уопсайа 6 балааһааккаҕа кытынным. Тэрээһин культурнай чааһыгар Саха сириттэн элбэх артыыс баран кыттыыны ылла. Көрөөччү олус элбэх этэ, тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста. Москва олохтоохторо маннык улахан тэрээһиҥҥэ биир эрэ күн кыра эбит диэн санааларын үллэстибиттэрэ. Ити курдук үлэ хара баһаам, былаан да элбэх.
— Георгий, өрүү бу курдук ситиһии аргыстаах сырыт!
Кэпсэттэ Екатерина Бястинова