Хас ньирэй төрөөбүтүн «Электроннай бюджет» систиэмэнэн киирэн отчуоттаныллар

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 2024 сылга судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэригэр вебинар ыытар. Тиэмэтэ «Работа в системе «Электронный бюджет» для получения мер государственной поддержки в 2024 году» диэн.

Тэйиччиттэн үөрэх федеральнай бюджеттан үбүлэнэр агрокуонкурустарга кыттыан баҕалаахтарга ананан, үөрэх 3 күн устата буолла, онно сүүстэн тахса киһи кытынна.

2024 сылтан кыттааччылар граннар куонкурустарыгар докумуоннарын «Электронный бюджет» систиэмэ нөҥүө туттараллар.

Ресурснай киин өҥөнү оҥоруу отделын сотрудниктара Майя Гуляева уонна Ньургуйаана Скрябина «Электронный бюджет» систиэмэ хайдах, туох бириинсиптээх үлэлиирин, федеральнай граннар куонкурустарыгар кыттарга хайдах регистрацияны ааһан, докумуону толорууга тиийэ кэпсээтилэр. Өйдөнөр тылынан кэпсээбиттэрэ хас биирдии истээччигэ тиийимтиэ буолбута чахчы.

Презентациялары улуустарга тыа хаһаайыстыбатын управлениеларыгар тиксэриллэр диэтилэр. Онон өйдөммөт түгэннэр баар буоллахтарына, кинилэри кытта салгыы үлэлииргитигэр табыгастаах буолуоҕа.

Кэпсииллэрэ өйдөнүмтүө буолан быһыылаах, портал киһи үлэлииригэр боростуой курдук.

Билигин 17 госпрограмма Электроннай бюджетка барар, 2025 сылтан бары 42 госпрограмма ЭБ нөҥүө ааһар буолуоҕа, диэн «Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр» Телеграм-канал иһитиннэрэр.

Редакция

 

Читайте дальше