Халыма-Индигир уокуругар 4 саҥа эбийиэк тутуллуоҕа

РФ сенатора Сахамин Афанасьев уонна норуот депутата, «Якутскэнерго» генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеев Правительствоны кытта былааннаахтык үлэлээбиттэрин түмүгэр уокурук үс улууһугар түөрт саҥа эбийиэк тутуллуоҕа.

Эбийиэктэр:

  • Абый улууһун Күбэргэнэ нэһилиэгэр 8-кыбартыыралаах олорор дьиэ (63 мөл. 660 тыһ 100 солк);
  • Орто Халыма куоракка эдэр специалистарга элбэх кыбартыыралаах дьиэ (111 мөл 785 тыһ 040 солк);
  • Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгэр 60 миэстэлээх орто оскуола (60 мөл. 036 тыһ 620 солк.)
  • Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгэр эдэр специалистарга 4 кыбартыыралаах олорор дьиэ (69 мөл 883 тыһ. 970 солк.).

Бу туһунан редакцияҕа Ил Түмэн депутатын көмөлөһөөччүтэ Виктория Варламова-Контоева иһитиннэрдэ

Эрэдээксийэ