“Халыма” айан суолун Уус-Ньара учаастагар аспаалы ууруу салҕанар

Өймөкөөн улууһугар “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэ көдьүүстээхтик ыытыллар.

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Уус-Ньара бөһүөлэгинэн ааһар Р-504 “Халыма” федеральнай трасса хапытаалынай өрөмүөнүн бырайыагын чэрчитинэн аспаалы тэлгэтии тэтимнээхтик барар.

“Быйыл федеральнай трасса 962-975 км сиргэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Өрөмүөн түмүктэннэҕинэ, аспаллааммыт суолу  быйыл үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Эбийиэк уопсай техническэй бэлэмэ 70% тэҥнэһэр” диэн «Бүлүү» Упрдор пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Хаартыскаларга: «Халыма» федеральнай тыраасса уус-Ньара учаастагар аспаал ууруллар

Бүгүҥҥү күҥҥэ 20 устуука гофрированнай турбаны, ону тэҥэ аспаал аллараа араҥатын уонна 3094 миэтэрэ уһуннаах уот линияларын туруоруу түмүктэннэ.

Индигиир өрүһү туоруур үс муостаҕа эмиэ хапытаалынай өрөмүөн барар. 348,5 миэтэрэ уһуннаах муоста — 70% бэлэм. 30,70 м Кутур-Үрэх муостатын өрөмүөнэ — 94% бэлэм.  12,45 м усталаах Ампаар Үрүйэтэ 90% бэлэм.

Уус-Ньара бөһүөлэгинэн ааһар аспаалламмыт суол 2024 сыл алтынньыга үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата

 

Читайте дальше