Балаҕан ыйын иккис баскыһыанньатыгар, ол эбэтэр быйыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр Россияҕа Танкист күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күҥҥэ “Мүрү саһарҕата” хаһыат ааҕааччыларыгар анаан, Герой уол Алексей Неустроевы кытта интервьюну бэлэмнээтэ.
Былырыын атырдьах ыйыгар “Алеша” тааҥка экипаһын хорсун быһыытын туһунан сурах дойду үрдүнэн тарҕаммыта. Интэриниэт ситимигэр “Алеша” тааҥка соҕотоҕун икки тааҥканы, алта бронемассыынаны утары ытыалаһар видеота икки ый буолан баран, Россияҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга киэҥник тарҕаммыта. Россия танкистара онтон самныбакка, харса суох кимэн киириилэрэ барыбытын сөхтөрбүтэ. Онтон “Бастакы” ханаал суруналыыстара баран сюжет устан тэлэбиидэнньэҕэ көрдөрбүттэрэ.
Оттон балаҕан ыйын 4 күнүгэр Уус Алдан уола Алексей Неустроевы чиэстиир күн бүтүн улуус дьонун түмэ тарпыта. Кининэн киэн туттуу, холобур оҥостуу иэйиитэ хас биирдиибитин кууспута.
Биир сыл ааһа охсубут. Бу саас Алексейы көрсөн интервью ылан, кини туһунан хаһыакка бэчээттээбиппит. Онно кини биир былаанын – үөрэххэ киирэн үөрэниэм этэ диэн үллэстибитэ. Ол баҕа санаата туолан, Алексей Неустроев күн бүгүн Москваҕа РФ Бырабыыталыстыбатын иһинэн Финансовай университет устудьуона буолла. Онон Алексей иннигэр бүгүн атын сорук турда, өстөөҕү үлтүрүтүү буолбакка – үөрэх тиэмэтин барыы. Үрдүк үөрэх салалтата Алексейга уопсайга квартира тииптээх хоско олохтоото, олорор сириттэн үөрэҕэр диэри – 15 мүнүүтэ.
Мантан салгыы Алексей Неустроевы кытта кэпсэтиибитин, ааҕааччыларга тиэрдэбит.
– Алексей, биир баҕа санааҥ олоххо киирбитинэн эҕэрдэлиибин! Тоҕо чопчу финансист идэтин таллыҥ?
– Бүгүн бастакы үөрэх күнүн түмүктээтим. Университет ректора Станислав Прокофьев үөрэнэр устудьуоннарга миигин билиһиннэрдэ. Сүрдээх долгутуулаах этэ. Бу идэ миэхэ чугас курдук, ол иһин ис дьиҥин билээрибин, бу үөрэҕи таллым.
Биллэн турар, мантан да атын үөрэх кыһалара ыҥыра сылдьыбыттара. Манна мин эрэ буолбатах, Россия Геройа Балдан Цыдыпов эмиэ үөрэнэр. Манна даҕатан эттэххэ, Филипп Евсеев ХИФУ-га физическай культура факультетыгар үөрэнэ сылдар.
– Герой буолбутуҥ кэннэ ханна эмит үлэҕэ эҥин ыҥырыы киирэ сылдьыбыта дуо?
– Киирэн, биирдэ эрэ буолбатах. Ол эрээри мин уопута суох, билбэт үлэбэр киирэрим хайдах эрэ сатамньыта суох.
– Билигин Курскайга буола турар балаһыанньа туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Курскай бүгүҥҥү балаһыанньатын бу диэн этэр кыаҕым суох, тэлэбиидэнньэҕэ көстөрү, интернеккэ тахсары итэҕэйбэппин. Бэйэм илэ харахпынан көрдөхпүнэ эрэ этэр кыахтаахпын.
– Бойобуой доҕотторгун кытта төһө билсэҕитий?
– Уолаттар сибээскэ таҕыстылар да өрүү билсэбит.
– Фашизм туһунан туох санаалааххыный? Уопсайынан, билигин Украинаҕа бара турар иирсээн туһунан бэйэҥ санааҥ.
– Фашизм диэн дьаабы быһыы буоллаҕа. Биһиэттэрэ эрдэ саҕалаабатахтара буоллар, аҕыйах кэминэн сэрии биһиги ааммытын тоҥсуйуо этэ. Бу байыаннай дьайыы буолуохтааҕын буолар балаһыанньа. Россия 50-ча дойдуну кытта соҕотох киирсэ сылдьар.
– Биһиги уолаттарбыт туох өйдөөх-санаалаах утары киирсэ сылдьалларый?
– Ийэ, аҕа, оҕо ыраас халлааннаах дойдуга олордор ханнык диэн.
– Оҕолору (уолаттары) патриотическай тыыҥҥа иитэргэ туох нааданый, эн санааҕар?
– Патриотическай иитии уол оҕоҕо кыра сааһыттан иҥэриллиэхтээх. Оскуола аайы анал үөрэхтээх байыаннай специалистар баар буолуохтаахтар.
– Сэриини хаһан бүтүө дии саныыгыный?
– Сэрии быйыл бүтүө суох. Иннэ-кэннэ биллибэт, уһуох курдук.
– Сотору танкист күнүн бэлиэтиибит. Танкист уолаттарга тугу этиэҥ этэй?
– Туохтан да самныбакка, Кыайыы туһугар түһүнэллэригэр. Танкистарга уруй-айхал! Биһиги хайаан да кыайыахпыт!
– Үгэс быһыытынан, биир дойдулаахтаргар туох илдьиттээххин? Этиилээххиний?
– Биир дойдулаахтарбар туох-баар үтүөнү, дьолу-соргуну баҕарабын. Өрүү күөх халлааннаах нуһараҥ олоҕу! Уонна кылаабынайа – кытаанах доруобуйаны!
– Махтанабын, Алексей, быыс булан кэпсэппитиҥ иһин. Үөрэххэр ситиһиилэри!
“Байыаннай дьайыы кэмигэр сүүһүнэн ахсааннаах байыастар күннэтэ дьоруойдуу быһыыны, наадалаах кэмҥэ түргэн-тарҕан толкуйу, хорсун быһыыны-майгыны көрдөрөллөр.
Онон байыаннай дьайыы инники күөнүгэр сылдьар байыастар бары да геройга тэҥнээхтэр”, – диэн Герой бэлиэтээн эппитинэн, бүгүҥҥү кэпсэтиини түмүктүүбүн.
Наталья Попова, “Мүрү саһарҕата” хаһыат