Георгий ТИРОН: “Баһылыктар ВОЛС сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбиттэрэ”

ВОЛС лиинийэтэ Өймөкөөҥҥө кэлиитэ 2015 сыллаахха саҕаламмыта. Оччолорго Өймөкөөн улууһун бары нэһилиэнньэлээх пуунугар оптоволокно лиинийэтэ тардыллан, дьиэбитигэр интэриниэт киириэҕэ диэн, хаһан да туолуо баҕа санаа курдуга…

Онтон 2017 сыл муус устар 14 күнүгэр Уус-Ньараҕа РФ сибээс миниистирэ кыттыылаах Саха сириттэн Магадаан уобалаһыгар “Колымскай экспресс” волоконнай-оптическай сибээс лиинийэтин тиэрдии үөрүүлээх сиэрэ-туома буолбута. Түөрт сылынан – 2021 сыллаахха Өймөкөөн улууһун нэһилиэнньэлээх пуунугар барытыгар ВОЛС лиинийэтэ тадыллан, өрөспүүбүлүкэҕэ бэһис “цифровой” дэнэр улууһунан буолбута.

Бүгүн ВОЛС лиинийэтэ Өймөкөөн улуһугар салгыы сайдар саҕахтарын, туох кэскиллээх тосхол торумнанарын туһунан «Импульс» НПО стратегическай былааннааһыҥҥа уонна сонун бырайактары олоххо киллэрии боппуруостарыгар советнига Георгий  Тирону кытта кэпсэтэбит.

Георгий Георгиевич, Өймөкөөн улууһугар ВОЛС лиинийэтэ олоххо киириитин саҕалаабыт киһинэн буолаҕын. Дьэ, хайдах саҕаламмытай бу олус уустук үлэ адаар таас хайалардаах хоту дойдуга?

— Саха сирин иннинэ биһиги сүрүннээн Сибиир эҥэр – Пермскэй кыраайы, Свердловскай, Кировскай уобаластары, Коми өрөспүүбүлүкэтин кытта үлэлэһэр этибит. Онтон дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москваҕа үгүс мунньахтары, сэминээрдэри ыыта сылдьан, оччолорго Саха сирин сибээһин уонна информационнай технологияларын миниистирин Александр Борисовы кытта билсибиппит. Кини миигин кытта “бииргэ үлэлэһиэххэ” диэн анаан кэлэн кэпсэппитэ. Онон сыыйа Уһук Илин эрэгийэннэрин кытта үлэлэһэн барбыппыт. Сибиир сирин-уотун курдук буолуо дуо, Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннара бэйэ-бэйэлэриттэн ыраахтара, уута-хаара элбэҕэ, адаар таас хайалара, тыйыс килиимэтэ – саҕалыыр дьоҥҥо олус уустук  кэм этэ. Туох кистэлэ кэлиэй,  биһиги Өймөкөөн улууһугар диэри ВОЛС лиинийэтин бэрт эрэйинэн тарда сылдьан, улуус киинин эрэ хабан баран, салгыы Магадаанныыр санаалаах этибит. Тыа сирин хабыы былааммытыгар суоҕа. Онуоха миниистир Александр Борисов “итиччэ кэлэн баран, бэйэтэ да аҕыйах нэһилиэнньэлээх пууннаах улууһу барытын сыыппаранан хабыҥ дуу” диэн көрдөспүтэ бэрдиттэн, Тымныы полюһунан аатырар улууһу өйөөн, тыаларга эмиэ опто-волокно тардан барбыппыт. Дьиҥэр, Үчүгэй, Төрүт, Сордоҥноох курдук аҕыйах нэһилиэнньэлээх пууннар биһиэхэ дохуоту аҕалбаттар. Сотору-сотору сибээстэрэ быстан, үлэ бөҕөтүгэр тиксэбит. Ону ол диэбэккэ, социальнай хайысха – үлэбит биир көрүҥэ буоларын быһыытынан өйөөн илдьэ сылдьабыт. Уопсайынан, Өймөкөөнүнэн “Халыма” федеральнай айан суола ааһар буолан, уустуктардаах. Нэһилиэнньэлээх пуун бу трасса устун суоҕун кэриэтэ. Аны хас да улууһу – Мэҥэ Хаҥалаһы, Чурапчыны, Тааттаны, Томпону хабан ааһабыт. Онон үлэбит үгүс. Өймөкөөҥҥө ВОЛС киириитигэр олус кыахтаах, саҥалыы толкуйдаах ыччат-баһылыктары кытта үлэлээбит буолан, бу эдэр дьоҥҥо тус бэйэм махталым сүҥкэн. Ол курдук, бастакынан бары уустук тэрээһин боппуруостары Михаил Захаров быһаарбыта. Игорь Водовозов курдук технарь өйдөөх-санаалаах салайааччы ол кэмҥэ өймөкөөннөр дьолллоругар түбэспитэ. Киниэхэ элбэҕи быһаара, үөрэтэ сатыыр наадата суох этэ. Тыл быһаҕаһыттан өйдөһөн, туох наадатын барытын толоро охсоро. Онон тыа сиригэр тардыллыбыт ВОЛС лиинийэтэ  барыта – Игорь Водовозов өҥөтө. Дойдутун ис иһиттэн билэрэ да, биһиэхэ наһаа туһалаабыта. Онон тыа сирин олохтоохторо Игорь Водовозовка улаханнык махтаныахтарын наада. Кинини мин Өймөкөөн нэһилиэктэригэр оптоволокно киирэрин төрүттээбит киһинэн ааҕабын. Игорь Водовозов  миниистир Александр Борисовка тылын ылыннаран, биһиги тыа сиригэр лиинийэ тардыбыппыт. Аны Томтор эҥэри сайыннарыыга Иннокентий Сивцев курдук инникини өтө көрөр эдэр баһылыгы кытта уопсай тылы булан, билигин Томторго Уһук Илин үс эригийиэнин түмэр “пиринговай” дэнэр былаһаакканы тэрийэн эрэбит. Билигин бу үлэни эмиэ кэскиллээҕи өтө көрөр толкуйдаах Саргылаана Можукованы кытта бэркэ олус тапсан үлэлии сылдьабыт. Кинилиин үгүс бырайыактары олоххо киллэрэн эрэбит. Онон Өймөкөөн улууһугар кэлиҥҥи сылларга үлэлээн ааспыт баһылыктар бары оройуоҥҥа волоконно-оптическай технологиялар олоххо киириилэригэр бэйэлэрин сүҥкэн кылааттарын киллэрбиттэрэ. Ол да иһин бу улууска үлэлииргэ атыттардааҕар быдан чэпчэки.

Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата

Читайте дальше