Эрэллээхтик иннибит диэки баран иһэбит

Былырыын күһүн Н.О.Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатыгар «Бэдэр» диэн ааттаах спортивнай кулууп тэриллибитэ. Быйыл бу чэрчитинэн элбэх күрэхтэргэ кытынныбыт.

Ол курдук муус устарга 13 улуустан оскуолалар спортивнай кулууптарын (ШСК) күрэхтэһиилэрэ Дьокуускайга ыытыллыбыта.

Бу күрэхтэһии «Спортивные якутяне» диэн оскуола оҕолорун спартакиадатыгар ахсааҥҥа киириэхтээх. Ону таһынан бүтүн аан дойдутааҕы күрэххэ бастаабыт оскуола хамаандата республика чиэһин көмүскүү Крымҥа «Артек» лааҕырга барыахтаах. Онон  күрэхтэһии оҕолорго улахан эппиэтинэстээх буолар.

Биһиги улууспут үс бөлөҕө Саха сирин оҕолорун спартакиадатыгар 15 успуорт көрүҥэр уонна брейн-ринг күрэҕэр кыттан, ахсаан биэрэр соруктаахпыт.

Күрэхтэһии түмүгүнэн бастакы миэстэни  Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия ылла; иккискэ Мохсоҕоллоох орто оскуолата, үһүскэ 2 № — дээх Нам орто оскуолата тигистилэр.  Оттон биһиги, Өймөкөөн орто оскуолата, күрэххэ уопсайа 12 хамаанда кыттыбытыттан 7-с миэстэ буоллубут.

Республика таһымнаах күрэхтэһиигэ биһиги спортсменнарбыт маҥнайгы кыттыылара диэтэххэ, үчүгэйдик кииристилэр диир тоҕоостоох. Спортивнай туризмҥа, спортивнай учуоттааһыҥҥа уопут, эбии билии ыллылар. Уонна араас улуус оҕолорун кытта билсэн-бодоруһан, дойдуларыгар үөрэн-көтөн кэллилэр.

Бу туһунан сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ

Роберт ЕГОРОВ,

Н.О.Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын физкультура учуутала

 

Читайте дальше