Ыам ыйын бүтүүтэ анал байыаннай дьайыы толоонугар дьоруойдуу охтубут «Хорсунун иһин» мэтээл кавалера, Сордоҥноох нэһилиэгиттэн төрүттээх Александр Вензель кылгас эрээри, сырдык сыдьаайдаах олоҕун кэрэһилиир саҥа тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитин чугас дьоно, учууталлара, доҕотторо тэрийдилэр.
«Дани-Алмас» кинигэ кыһата бэчээттээн таһаарбыт «Эр киһи төлөннөөх сүрэҕэ» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ Дьокуускай куорат идэлээх сойуустарын дьиэлэригэр буолан ааста.
Бу киэһэни Сордоҥноохтон төрүттээх, билигин Дьокуускайга олорор СӨ инбэлииттэрин уопсастыбаннай тэрилтэтин реабилитациялыыр салаатыгар социокултуурунай үлэни сүрүннүүр исписэлиис Николай Суздалов иилээн-саҕалаан ыытта. Биһиги кылааһынньыкпыт Александр Вензель анал баһыаннай дьайыыга Ийэ дойдутун иһин хорсуннук киирсэн сырдык тыынын толук уурбутун кэриэстээн, кини туһунан истиҥник, иһирэхтик ахтан-санаан аастыбыт.
Тэрээһин кэмигэр экраҥҥа араас кэмнээҕи хаартыскалар элэҥнээн ааһан, урукку-хойукку кэми санаттылар…
Истиҥник саныыр табаарыспыт, бииргэ үөрэммит доҕорбут Саша 4 оҕолоох Петр Иванович, Наталья Дмитриевна Вензель диэн ыалга 1979 сыллаахха иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кини киһи быһыытынан олус көнө уонна судургу этэ.
Саша Вензель Сордоҥноох оскуолатыгар маҥнайгы кылааска 1986 с. киирбитэ, үөрэнэр сылларыгар успуорду өрө тутан бу хайысхаҕа аҕыйаҕа суох ситиһиилэммитэ. Табаарыспыт сытыы-хотуу буолан элбэх табаарыстаах этэ, оҕолору түмэ тардар дьоҕура кыра кылаастан биллэрэ. 1996 с. орто оскуоланы бүтэрэн баран, 1997 с. Муоратааҕы флотка сулууспалаабыта.
Доҕорбут кэргэнинээн Мариналыын түөрт оҕону төрөтөн, ол үөрүүтүгэр ыал буолуу өрөгөйүн билэн бардаҕа бу кылгас олоҕор….
Саҥа кинигэ сүрэхтэниитин тэрээһинигэр Сашаны алын сүһүөх кылааска үөрэппит маҥнайгы учуутала Алиса Крылова, кылааһынньыга Саргылаана Федорова уонна чугас дьоно, аймахтара тыл эттилэр. Үөлээнээхпит, табаарыспыт аата кинигэҕэ үйэтитиллэрин туһугар үлэни-хамнаһы тэрийэн ыыппыт, сүүрбүт-көппүт кылааһынньыктарбытыгар барыларыгар махтанабыт.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Мария МАКСИМОВА,
Өймөкөөн улууһун култуура
Управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы