Алтынньы 17 күнүгэр Саха сирин Табаҕа бөһүөлэгэр Өлүөнэ муостатын тирэҕэр бастакы буронабивной сыбаайаны түһэрии сиэрэ-туома ыытылынна. Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, баараҕай тутуу 2028 сыл бүтүүтэ түмүктэнэр.
«Өлүөнэ муостатын тутуу саҕаланыыта – историческай суолталаах түгэн буолар. Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн, Саха сирин олохтоохторун өр сылларга күүппүт баҕа санаалара олоххо киирдэ. Муоста тутааччыларбыт, «ВИС» бөлөх уонна Сбер партнердарбыт бары күүһү ууран, муостаны Россия бэрэсидьиэнэ туруорбут болдьоҕор 2028 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэриэхтэрэ диэн эрэллээхпин. Муоста бырайыагын өрөспүүбүлүкэбит бастыҥ инженердара оҥорбуттара. Бу бырайыак уратыта диэн ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар хаһан да тутуллубатах муоста буолар. Саха сирин сайдыытыгар эрэ буолбакка, дойду бүтүн Хотугулуу-Илиҥҥитэ сайдарыгар бигэ тирэх буолар», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Хаартыска: Ил Дархан телеграм ханаала.