Өлүөнэ муостатын тирэҕин 2025 сылга тутан саҕалыахтара

Саха сиригэр Өлүөнэ муостатын тирэҕин 2025 сылга тутан саҕалыыллар. Муоста саамай улахан тирэҕин тутуутугар 208 сыбаайа көрүлүннэ. Хас биирдии сыбаайа диаметра – 1,5 миэтирэ. Быйыл муоста хаҥас өттүгэр 39,5 миэтирэҕэ диэри үрдүктээх 50 буронабивной сыбаайаны туруоруохтаахтар. Бу туһунан “Саха” НКИХ сайтыгар сырдаттылар.

«Быйыл биһиги бэлэмнэнэр сылбыт. Билигин сүрүн сорукпут – эһиил пилон анныгар акылаат үлэтин саҕалыырга күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмҥэ күүстээх үлэни ыытыы. Өлүөнэ муостатыгар үс улахан пилон баар буолар. Холобур, киин тирэх 208 сыбаайалаах, диаметра 1,5 миэтирэ. Баараҕай тутуу тирэҕэ – ураты инженернай оҥоһук буолар», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, алтынньы 17 күнүгэр Өлүөнэ өрүс хаҥас өттүгэр Өлүөнэ муостатын тирэҕэр бастакы сыбаайаны үөрүүлээх быһыыга-майгыга түһэрии сиэрэ-туома ыытыллыбыта. Айсен Николаев: «Өлүөнэ муостатын тутуу саҕаланыыта – историческай суолталаах түгэн буолар. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн, Саха сирин олохтоохторун өр сылларга күүппүт баҕа санаалара олоххо киирдэ. Муоста тутааччыларбыт, «ВИС» бөлөх уонна Сбер партнердарбыт бары күүһү ууран, муостаны Арассыыйа бэрэсидьиэнэ туруорбут болдьоҕор 2028 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэриэхтэрэ диэн эрэллээхпин. Муоста бырайыагын өрөспүүбүлүкэбит бастыҥ инженердара оҥорбуттара. Бу бырайыак уратыта диэн ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар хаһан да тутуллубатах муоста буолар. Саха сирин сайдыытыгар эрэ буолбакка, дойду бүтүн Хотугулуу-Илиҥҥитэ сайдарыгар бигэ тирэх буолар», — диэн бэлиэтээбитэ.

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, баараҕай тутуу 2028 сыл бүтүүтэ түмүктэнэр.

Бу өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатыгар улахан суолталаах күн үөрүүлээх быһыыга-майгыга Кэбээйи, Томпо, Мииринэй оройуоннарыгар саҥа муосталары арыйбыттара. Тэрээһин Өлүөнэ муостатын тирэҕэр бастакы сыбаайатын түһэрэр кэми кытары бииргэ ыытыллыбыта кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, муосталар «Яна» айан суолугар Ольчан өрүс нөҥүө, «Кэбээйи» тыраассатыгар Хатыҥ Үрэххэ уонна «Анабаар» суолугар Чуоналыр өрүс нөҥүө тутулуннулар.

Быйыл Өймөкөөн улууһугар “Куйдуһун” муостата тутуллан үлэҕэ киирэн, тыа сирин олохтоохторо кыһыннары-сайыннары сылдьар саҥа муосталаммыттара. Бу эбийиэктэр «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киирдилэр. Муосталар тутууларыгар бүддьүөттэн 1,5 млрд солкуобай көрүллүбүтэ бэлиэтэнэр.

 * * *

Куйдуһун үрэҕи туоруур муоста тутуллан олоххо киириитэ Өймөкөөн улууһун дьонугар-сэргэтигэр суолтатын туһунан санаатын СӨ үөрэхтээһин систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ, уопсастыбанньык, Томтор нэһилиэгин олохтооҕо Анастасия Скрыбыкина үллэһиннэ:

Быйыл Өймөкөөн улууһун тыа сирин олохтоохторугар өр сыл кэтэспит, туруорсубут «тыын» боппуруоспут быһаарыллан, үөрүүбүт сүҥкэн. Кэнники кэккэ сылларга Куйдуһун үрэҕин туоруур муоста туруга быстар мөлтөх буолан, Сордоҥноох нэһилиэгин олохтоохторо, Томтортон ынахтаах-сүөһүлээх, сылгылаах дьон ходуһаларыгар тиийэллэригэр, сылгыһыттар базаларыгар баралларыгар, булчуттар, балыксыттар, сир аһын хомуйааччылар элбэх күчүмэҕэйи, кыһалҕаны сыл аайы көрсөр этилэрэ. Оттуур-мастыыр, бултуур сирдэрэ, сылгыһыттар базалара барыта Куйдуһун үрэх нөҥүө баар буолан. Сордоҥноох олохтоохторо астарын-үөллэрин тиэнэллэригэр, ыарыһахтар доруобуйаларын көрдөрүнэ, дьон күннээҕи наадаларыгар да кэлэллэригэр-баралларыгар кыһалҕа бөҕөтүн көрсө сылдьыбыттара.

Дьэ онтон 1979 с. тутуллубут муоста былырыын улаханнык саахалланан, өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн, быйыл муостабыт тутуллан дьэндэйбитэ улуус дьонун барыбытын үөрдэн, 298 м уһуннаах муоста кылгас кэмҥэ тутуллан бүттэ. Маныаха олохтоохтор бэдэрээтчит “СтройМост” ХЭУо тутааччыларыгар, Томтор, Сордоҥноох нэһилиэктэрин олохтоох дьаһалталара өйдөрүн-санааларын түмэн сөптөөх кэпсэтии ыытан туруорсубуттарыгар, махталбыт муҥура суох.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше