«Эльга» 23 мөл. туонна кэриҥэ чоҕу хостуур буолла

«Эльга» чоҕу хостуур холдинг бэйэтин инвестиционнай бырагырааматын биэс төгүл элбэттэ, 100 млрд солк диэри улаатта.

Хампаанньа тэриллиэҕиттэн ыла 10 тыһ. үлэ миэстэтин арыйбыта. 2023 сыл түмүгүнэн 23 мөл. туонна кэриҥэ чоҕу хостоото.

«Эльгауголь» – региоҥҥа биир бастыҥ чоҕу хостуур хампаанньа буолар. Саха сиригэр хостонор 39 мөл туонна чохтон 20 мөл. тахса туоннаны «Эльгауголь» хостуур диэн РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйыгар Ил Дархан Айсен Николаевтыын көрсүһүүтүн кэмигэр эппитэ. Дойду бэрэсидьиэнин көмөтүнэн уонна кини бырабыыталыстыбаҕа соруйуутунан ити бырайыак олоххо киирбитин бэлиэтээбитэ.

2023 сыл бүтүүтүгэр Эльгинскайдааҕы чоҕу хостуур комплекска 10 тыһ. кэриҥэ киһи үлэлиир. 2025 сылга үлэһит ахсаана 25 тыһ. буолара күүтүллэр, суруйда «Саха» НКИХ.

Читайте дальше