Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөҥҥө Ыһыах ыспыта 100 сылыгар

Биһиги, улуус дьоно, Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөҥҥө сэттэтэ кэлэ сылдьыбытын туһунан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэспит буолар.

Алексей Елисеевич Кулаковскай Өймөкөөн дойдутун айылҕатын, дьонун-сэргэтин, кинилэр олохторун-дьаһахтарын сөбүлээн, иккис дойду оҥостубута диэн киэн туттан туран кэпсиибит.

Өксөкүлээх Өлөксөй хаан тохтуутуттан быыһаабыта Өймөкөөн дьонун муҥура суох махталынан ахтыллар уонна үйэлэргэ сүппэт дойдубут устуоруйатын биир кэрэһитинэн 1924 сыллаахха Томторго, Үрэх Төрдүгэр ыһыах ыспыта буолар.

Олохтоох дьон ыһыахха сылдьыыларыттан ахтыылара кыраайы үөрэтээччи Т.Е. Васильева «Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөҥҥө» альбомугар киирбиттэрэ.

Биир дойдулаахпыт, биллиилээх суруйааччы Н.М.Заболоцкай-Чысхаан маннык суруйбута:

«Сэйиимчээн чуумпутугар олорон, уонунан сыл муспут айымньыларын бэрээдэктээн, чөмчөтөн Саха правительствотын көмөтүнэн Дьокуускайдаан иһэн Үрэх Төрдүгэр саҥа былааһы уруйдаан ыһыах ыһан ааспыта. Ол сэрии бүппүт, эйэлээх олох эргийбит ыһыаҕа этэ. 1924 сыл от ыйын сайыҥҥы ыраас күнэ. Түһүлгэҕэ үс сэргэлэри киһи эрэ хараҕа хатаныан курдук эриэккэс үчүгэйдик ойуулаан туруорбуттара.

Бу сэргэлэри А.Е. Кулаковскай Кыйма Баһылай диэн уус киһилиин оҥорбуттара. Ыһыахха буолбут оонньуулартан сонуннара, урут Өймөкөөҥҥө биллибэт, сураҕа эрэ иһиллэр оһуокай тойуга ол сэргэлэр тула чугдаарбыта буолар.

Ол оһуокайы харалаах үрүҥ кылынан өрүллүбүт сэлээппэтин сэгэччи ууруммут Өксөкүлээх Өлөксөй саҕалаан тэрийбитэ. Эйэлээх олох эргийбитин айхаллаан, «эһиэ-эһиэкэй, оһуо-оһуо оһуокай тылларынан чугдааран,үҥкүүлээн дайан эрэрин өйдүүбүн».

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Айталина Иванова,

Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан кыраайы

үөрэтэр түмэл салайааччыта,

Томтор

 

Читайте дальше