Өксөкүлээх Өймөкөөҥҥө Ыһыах ыспыта 100 сылыгар ананар

Бу нэдиэлэҕэ Томтордооҕу модельнай бибилэтиэкэҕэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөн сиригэр 1924 с. саҥа олоҕу уруйдаан, манна сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ ыспыт бастакы Ыһыаҕын 100 сылыгар анаан «Ытык киһи ыллыгынан» диэн тэрээһин буолла.

Төрөөбүт дойдутун ааспыт олоҕун өр кэмҥэ үөрэппит, үгүс сыаналаах матырыйаалы хомуйбут кыраайы үөрэтээччи, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Розалия Дягилева саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээбит суруйааччы, бөлүһүөк А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөнү кытта сибээһин туһунан киһи эрэ болҕомтотун тардар гына ыпсаран кэпсиирин мустубут дьон сэҥээрэн иһиттилэр.

Өксөкүлээх Өлөксөй 1923-1924 сс. Сэйимчээҥҥэ олус ыарахан кыстыгы туораан баран Дьокуускайдаан иһэн саҥа былаас олохтоммут үөрүүтүн, саҥа олох өрөгөйүн бэлиэтээн Үрэх Төрдүгэр сөбүлүүр Өймөкөөнүн дьонун түмэн ыһыах ыспыта. Бары тэрээһинин, сиэрин-туомун ытык киһи бэйэтэ салайбыт-дьаһайбыт, ыһыах үс сэргэтин ойуулаан-мандардаан оҥорбут.

Өймөкөөн кырдьаҕастара бу ыһыаҕы, Өксөкүлээҕи хойукка диэри ахтан-санаан ааһаллара.

Өксөкүлээх Өлөксөй өссө биир ытык бэлиэтинэн айан аартыгар баар таас остуолбата буолар. Розалия Тимофеевна бу остуолбаны хаһан, хайдах көрдөөн булбуттарын, суруйааччы төрөөбүт ытык Таатта сиригэр бара сылдьыбытын туһунан сиһилии сэһэргээтэ. Онтон салгыы урукку хаартыскалары, Өксөкүлээх сэргэлэрин оһуорун, ойуутун көрөн, сөҕөн-махтайан кэпсэтии олус сэргэхтик ааста.

Олохтоох народнай тыйаатыр режиссера Татьяна Заболоцкая быйылгы үбүлүөйдээх сылга ыччаттар инники үлэлэрин былаанын билиһиннэрдэ.

Маннык көрсүһүүлэр ыччат, оҕолор төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын дириҥэтэн үөрэтэллэригэр көҕүлүүллэрэ саарбахтаммат. «Сир түннүгэ» дьоммутун ыҥыран, кэпсэтиннэрэн, билбэппитин билэн, элбэҕи истэн, төрөөбүт сирбит, дьоммут-сэргэбит олохторун үйэлэргэ үйэтитэн, сэҥээрэ сылдьыаҕыҥ.

Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Амгира Спиридонова, бибилэтиэкэр, Томтор

Читайте дальше