Өймөкөөнүм сылаас тыынын иҥэринэн

Мин сайын аайы дойдубар кэлэн дуоһуйан, ахтылҕаммын таһааран сынньанан барабын. Быйыл кэргэним ыалдьан, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан биһирэбили ылбыт Олоҥхо Ыһыаҕар кыайан тиийбэтэҕим.

Ахтылҕаннаах дойдубар Томторго кэлээт, дьүөгэлэрбин кытта көрсөн, үгэс быһыытынан сарсыардабытын сэрээккэлээн саҕалыыбыт. Биһигини кытта оннооҕор 6 саастаах сиэним астынан дьарыктанна.

Маны сэргэ мин Өймөкөөн нэһилиэгин эҥэр баар аатырбыт “Кыыс” күөлүгэр сырыттым.

Дьиэбитигэр төннөн иһэн бары дириҥник убаастыыр киһибит, кыраайы үөрэтээччи Тамара Васильеваҕа ыалдьыттаатыбыт. Мин түгэн көстүбүччэ, Тамара Егоровна саҥа кинигэтин атыылаһан, таттаран туран дуоһуйа аахтым.

Дьэ ити курдук сайыммын олус сэргэхтик, туһалаахтык атаардым. Актыбыыс Раиса Березкина көҕүлээһинэн сиэннэрбитин кытары “Көмүс күрүө” түһүлгэтин ыраастаатыбыт. Томтор нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Айаал Неустроев онно хомуйбут бөхпүтүн-сыыспытын тутатына сыбаалкаҕа тастарда уонна түһүлгэҕэ туох саҥа тутуу, үтүмэннээх үлэ барбытын көрдөрдө.

Дойдум дьонугар бука барыларыгар махтанан туран, бүгүҥҥүгүт курдук үөрэ-көтө, чөл туруктаах сылдьыҥ, иллээх-эйэлээх буолуҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Валентина Прокопьева, биһиги общ.корр., Дьокуускай

Читайте дальше