Билигин Уус-Ньараҕа олорор үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото, 83 саастаах ытык кырдьаҕас Евдокия Николаевна Атласова-Вензель анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга көмөлөһөн таба тириитинэн олбох тигэ сылдьар.
Киниэхэ кыыһа Мария Михайловна уонна дьүөгэтэ, эмиэ улуус киинин олохтооҕо, 78 саастаах Елена Григорьевна Кондакова улахан күүс-көмө буолаллар.
Таба тириитин кырадаһыннарын Дьокуускайтан «Боевые шелкоприяды Якутии» диэн волонтердар хамсааһыннара улууска тиксэрбитин Уус-Ньара биир актыыбынай олохтооҕо Любовь Иванова нэһилиэктэринэн түҥэппитэ.
Иистэнньэҥнэр муус устар ортотуттан саҕалаан таба тириитин кырадаһыннарын холбуу-холбуу буойун-танкистарга сылаас, сымнаҕас буоллун диэн номнуо 15 олбоҕу илиилэринэн тиктилэр.
Е.Г. Кондакова эмиэ олоххо көхтөөх киһи. Кини аатырар саламаатын, алаадьытын амсайбыт эрэ барыта биһириир. Елена Григорьевна улуус киинин сахаларын холбоһуктарын диаспоратын биир тутаах киһитэ, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар.
Ытык дьоммут иистэригэр дууһаларын ууран туран, анал дьайыыга сылдьааччылар тоҥмокко-хаппакка сылдьалларыгар уонна уолаттар дойдуларыгар этэҥҥэ төннөн кэлэллэригэр ис сүрэхтэн баҕараллар.
Өймөкөөн амарах санаалаах иистэнньэҥнэрин илиилэрин сылааһа буойуннарга тиийдин, ыраах дойдуларыттан истиҥ илдьитинэн буолуохтун!
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Любовь Кривошапкина