Өймөкөөннөөҕү Олоҥхо ассоциацията 2012 сыл ыам ыйын 18 күнүгэр бырамыысалыннас кэлимник сайдыбыт улууһугар саха төрүт култууратын, духуобунаһын сайыннарар, сахалыы өйү-санааны уһугуннарар сыаллаах тэриллибитэ.
Ол курдук «Өймөкөөн фольклора, олоҥхото» салааны бастаан утаа “1-кы Бороҕон нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатын оччотооҕу баһылыга Рустам Кривошапкин салайбыта. Бу нэһилиэккэ бастакынан “Арчы” дьиэтэ тутуллубута, оҕолорго “Олоҥхо лааҕырдара” үлэлээбиттэрэ. Сардана Уйгун Сивцева салайааччылаах «Айылгы» фольклорнай бөлөх күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар. Кэлин “Олоҥхо лааҕырдара” Үчүгэй нэһилиэгэр эмиэ тэриллэ сылдьыбыттара.
Оҕо-аймах олоҥхо толоруутугар холонуута тупсан, элбээн иһэрэ 2023 с. күһүнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятын өйөбүлүнэн Томтордооҕу Оҕо искусствотын оскуолата тэрийбит Олоҥхо күрэҕэр дьэҥкэтик көстүбүтэ. Төрүт нэһилиэгэр «Көмүс дорҕоон» диэн олоҥхону толорууга, фольклорга улуустааҕы күрэх тиһигин быспакка үрдүк таһымнаахтык ыытыллар.
Саха төрүт дьарыгын — сылгы иитиитин тэнитэр сыаллаах салааны “2-с Бороҕон нэһилиэгин” аҕа баһылыга Алексей Винокуров салайар. Нэһилиэккэ «Культура якутской лошади в муниципальном пространстве» концепция ылыллан сылгыһыттар дьиэ кэргэннэрин чиэстиир, ат сүүрдүүтүн сөргүтэр үлэ түмүктэрэ дьэҥкэтик көстөр.
Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕар бастакынан сэлии сиэрин-туомун тутуһан күнү көрсүүгэ 9 кулунчук бааллан сэлэлээн турбута. Улуус бары нэһилиэктэрин иистэнньэҥнэрэ сиэлтэн өрөн бэлэмнээбит сулардара, оҕуруолаах өрүөлэрэ ыһыаҕы киэргэппиттэрэ.
Саха сылгытын тулуурун, уратытын улууспут чаҕылхай ыччата Дугуйдаан Винокуров Тымныы полюһуттан Москубаҕа тиийэ айаннаан аатырта. Кини төрөппүттэрэ Семен Львович, Ирина Христофоровна “Дьэкэйгэ” сылгы базатыгар эдэр ат миинньээччилэр слеттарын тэрийэллэр.
“Сахалыы иис-уус” хайысханы бастаан утаа Сордоҥноох нэһилиэгин аҕа баһылыгынан үлэлии сылдьан Иван Максимов саҕалаабыта. Билигин Сордоҥнооххо биир — өрөспүүбүлүкэ, икки — Өймөкөөн улууһун норуотун маастардара олороллор. Улуус иистэнньэҥнэрэ сахалыы ичигэс таҥастары тиктэн сылын аайы томороон тымныы саҕаланыытыгар Чысхаан Аар айылҕаҕа алгыһыгар кытталлар. “Байаҕантай ууһа” хамсааһыны өйөөн, 2016 с. ыытыллыбыт Байаҕантай ыһыаҕар Мандар Уус тимир уустары түмпүтэ, Олоҥхо Ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн тимир уустарга хас да төгүллээн маастар-кылаастар ыытыллыбыттара. Билигин улууска кэлбит туристар тимир ууһа Петр Сивцев уус кыһатын аһара көппөттөр.
“Сахалыы итэҕэл уонна Ытык сирдэр” хайысханы бастаан иилээн-саҕалаан үлэлэспит Үчүгэй нэһилиэгин оччотооҕу баһылыга Владимир Заболоцкай буолар. Үчүгэйгэ бастакынан саха эмчиттэрин, билгэһиттэрин кытта көрсүһүүлэр тэриллибиттэрэ.
2017 с. Людмила Реасовна Кулаковская көҕүлээһининэн Өймөкөөн улууһа Өксөкүлээх Өлөксөй мэҥэ бэлиэ оҥорон туруортаабыт сэргэлэрин ситимниир «Үс кут — үс сэргэ» диэн Чурапчы, Үөһээ Бүлүү, Таатта улуустарын түмэр бастакы эспэдииссийэтэ тэриллибитэ.
Суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи Сергей Михайлович Егоров аатынан «Бастыҥ кыраайы үөрэтээччи» анал түөскэ анньыллар бэлиэлээх бириэмийэ олохтоммута. Бириэмийэ лауреаттара Тамара Егоровна Васильева, Мария Поликарповна Боярова, Роза Тимофеевна Дягилева, Спиридон Спиридонович Слепцов о.д.а. бу сылларга улуус устуоруйатын үөрэтэн бэлэмнээбиттэринэн улуус уонна нэһилиэктэр дьокутааттара өйөөн, балачча элбэх кинигэ күн сирин көрдө.
Өймөкөөннөр ытык дьоммут — 1-кы гильдиялаах атыыһыт, меценат Николай Осипович Кривошапкин, бастакы литературнай критик, саха биллэр суруйааччыта Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан, саха лирик поэта Пантелеймон Яковлевич Тулааһынап ааттарын үйэтитэр киэн далааһыннаах үлэни ыыттыбыт.
Өймөкөөннөөҕү Олоҥхо ассоциацията ыаллыы Магадаҥҥа олохтоох, Өймөкөөн улууһуттан араарыллан нууччалыы барбыт урукку биир дойдулаахтарбытын кытта сибээһи олохтоһор тэрээһиннэри ыытар.
Сахалыы өйү-санааны, духуобунаһы, култуураны тэнитэр сыаллаах үлэлиир Өймөкөөннөөҕү Олоҥхо ассоциациятын өр сыллаах үлэтин түмүгэ — 2023 с. Ытык Өймөкөөн сиригэр Томторго “Көмүс күрүөҕэ” ыытыллыбыт “Айыы санаа айана” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕа дириҥ ис хоһоонноохтук, үрдүк таһымнаахтык ааспытыгар да көстөр.
Манна Саха өрөспүүбүлүкэтин устуоруйата саҥа үйэҕэ үктэнэр алгыһа түһэригэр Күн Дьөһөгөй оҕото үрүҥ сылгы кымыһын уулаан, кистээн дьириһиппитэ, үтүөнү түстээбитэ.
Аксиния Сивцева, улуустааҕы култуура салаатын начаалынньыга