Алексей Винокуров, Томтор нэһилиэгин баһылыга:
— Күндү бар дьонум! Бу үйэҕэ биһиги нэһилиэкпитигэр буола илик сүдү суолталаах Олоҥхо Ыһыаҕа ыһыллан ааста.
Туох кистэлэ кэлиэй, бастаан дьулайа санааһын баара. Бука бары ылсыбыт сорукпутун толорор туһугар түмсэн ким тугу сатыырынан, кыайарынан Ыһыахпыт үрдүк таһымнаахтык тэриллэрин туһугар күүскэ, күргүөмнээхтик үлэлээтибит.
Ол туоһутунан Олоҥхо ыһыаҕар кыттыбыт дьон астынан, дуоһуйан барбыттарын социальнай ситимнэринэн биллэрэ тураллара эмиэ буолар.
Мин Томторум хас биирдии киһитинэн киэн туттабын. Бары олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан итиччэ элбэх киһини көрсөн, маанылаан, барыларын тото-хана аһатан атаардыгыт.
Үйэбитигэр биирдэ буолар Олоҥхо Ыһыаҕын ким да сирбэт гына нэһилиэк хас биирдии олохтооҕо эдэриттэн эмэнигэр тиийэ бэйэтин кыаҕынан тэрийистэ. Олоҥхо Ыһыаҕа биэрбит өйдөбүллэрин салгыы өрө тутан сайыннарыаҕыҥ!
Томторум хас биирдии олохтооҕор сүгүрүйэ махтанабын!
Бука бары доруобай, дьоллоох буолуҥ! Киһи буолан килбэйиҥ, саха буолан сандаарыҥ!