Өймөкөөн нэһилиэгэр педагог идэлээх кэргэннии Винокуровтар тыа ыалын сиэринэн кэтэх хаһаайыстыба туталлар, сибиэһэй аһы-үөлү бэйэ туһатыгар оҥорон таһаараллар, кыстыкка эмиэ хаһааналлар.
Аҕалара Валерий Винокуров — идэтинэн физкультура учуутала. Кини Өймөкөөн орто оскуолатыгар 9 сыл устата военруктаабыта. Онтон 5 сыл тутууга учаастактааҕы иниспиэктэринэн үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн Валерий Лазаревич метеоыстаансыйаҕа кэтээн көрөөччүнэн 20-с сылын үлэлээн-хамсаан кэллэ. Кини РФ үлэ бэтэрээнэ, Арассыыйа гидрометеосулууспатын бочуоттаах үлэһитэ.
Ыал ийэтэ Альбина Еремеевна Ньурбаттан төрүттээх. Кини 1983 сыллаахха Өймөкөөн нэһилиэгэр учууталынан ананан үлэлии кэлбитэ. Ол дьыл СГУ историко-филологическэй факультетын бүтэрбитэ. Ити кэмтэн ыла 40-ча сыл устата история, обществознание учууталынан эҥкилэ суох үлэлээн кэллэ. Билигин уруок таһынан оҕолорго «История Якутии» диэн куруһуогу уһуйар. Альбина Еремеевна ону сэргэ оскуола түмэлин салайар.
Олоххо актыыбынай позициялаах ыал ийэтэ Альбина «Айылгы» фольклорнай бөлөххө дьарыктанар. Бу айар бөлөх тэриллибитэ 10-с сыла буолла. Ону сэргэ кини «Күндүл Хотун» диэн учууталлар үҥкүү ансаамбылларыгар эмиэ астына, дуоһуйа сылдьар. Ити курдук Альбина Еремеевна биир идэлээхтэрин кытта араас тэрээһиннэргэ мэлдьи көхтөөхтүк кытталлар, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕун биир тутаах дьоно буолаллар.
— Биһиги дьиэ кэргэн үс оҕолоохпут — икки уол уонна биир кыыс. Үс сиэммититтэн күммүт-ыйбыт тахсар, — диэн сэһэргиир ытык ийэ, эбэ.
Винокуровтар кэтэх хаһаайыстыба тэриммиттэрэ 30-ча сыл буолла. Сайын аайы «Куталаах» диэн Өймөкөөнтөн 10-ча килэмиэтир тэйиччи сытар сиргэ бары дьиэ кэргэнинэн оттуу тахсаллар.
— Оттуур сирбит онно баар, күөл кытыытыгар. Быйыл халаан уута киирэн улахан мэһэйдэри көрүстүбүт. Биир кэбиһии оппут ууга былдьанна. Былырыын маннык уустук балаһыанньа тахсыбатаҕа, — диэн кэпсэтиигэ Валерий Лазаревич кыттыһар. — Ол да буоллар быйыл оҕолорум көмөлөрүнэн уопсайа 11 кэбиһиини туруордубут.
— Биһиги үгэс быһыытынан дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа тахсан сынньанан, сир астаан киирэбит. Эр киһи буоларым быһыытынан уолаттарбын кытта балыктыыбыт, бултуубут, тулалыыр айылҕабытын кытта чугастык алтыһабыт, – диир Валерий Винокуров.
Тыа сиригэр кэлиҥҥи кэмҥэ дьон сүөһүтүн ахсаанын аччатар түбэлтэтэ бэлиэтэнэрэ үксээтэ. Бу сүөһүнү, сылгыны тутар дьон сааһырбытыттан, ыччат дьон маныаха сыстыан баҕарбатыттан тахсар. Үгүс эдэр дьон чэпчэки, үрдүк хамнастаах үлэҕэ талаһа сатыыра баар суол.
Винокуровтар курдук өбүгэ төрүт дьарыга сүппэтин, тэнийэрин туһугар кыһаллар, уйгу-быйаҥ тупсарыгар туруулаһар дьон Өймөкөөн тыатын сиригэр элбии турдуннар.
Евдокия Егорова