Өймөкөөҥҥө оттооһун эппиэттээх кэмэ

Атырдьах ыйа — оттооһун саамай үгэнэ. Бу күннэргэ кэбиһиллибит оту күрүөлээн, тиэйэри тиэйэн улуус нэһилиэктэригэр үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Быйыл ардахтаах дьыл буолан, оттооһун кыраапыгыттан хойуутааһын баар.

Өймөкөөн улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Руслан Атласов иһитиннэрбитинэн, билигин улууска 1848 туонна (50,5%) от оттонно:  Томтор — 756 тонна (61,5%);  Үчүгэй — 87 тонна (23,5%). Өймөкөөн — 529 тонна (48,1%), Сордоҥноох — 367 тонна (61,2%), Төрүт  — 81т (24,4%), Уус-Ньара бөһ. — 28 тонна (100%).

«Сайыны быһа ардаан, оттооһун хаамыытын бытаарта. Аны бу күннэргэ нэдиэлэлээх ардах кэллэ быһыылаах. Онон оттооһун сезона уһаан биэриэн сөп. Быйылгы кыстыкка бэйэбит эрэ оппутугар эрэнэргэ тиийэбит. Урут биһиэхэ көмөлөһөр киин улуустарбыт нэһиилэ тиийинэр оттоннулар. Онон былырыыҥҥы курдук көмө от санаатах аайы суох буолар чинчилээх. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «кулун тутар ыйга тиийэр бэйэҕититтэн хаһаас оттоох буолуохтааххыт, көмө окко олох эрэнимэҥ», — диэн былааннарын толоро илик улуустары сэрэттилэр. Онон хаалбыт үтүө күннэри баттаһан, улуус олохтоохторо оттоон хаалыахтарын наада», — диэн санаатын үллэһиннэ Руслан Михайлович.

Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата

 

Читайте дальше