Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быйылгы бигэргэтиллибит былаан 436 тыһыынча туоннаҕа тэҥнэһэр, мантан 390 тыһыынча тонна от оттонно. Оттон Өймөкөөн улууһугар оттооһун былаана балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи туругунан 59,3 бырыһыан туолан иһэр.
Улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын исписэлииһэ Евдоким Кондаков иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи туругунан Өймөкөөн улууһугар 2172 тонна оту бэлэмнээтилэр.
Томтор сэлиэнньэтигэр отчуттар холбоон 876 тонна (71,2%) оттоохтор. Үчүгэй нэһилиэгэр хаһаайыстыбалар билиҥҥитэ 105 тонна оту кэбиһэн, былаан туолуутун бырыһыана 28,4-кэ тэҥнэстэ. Өймөкөөн нэһилиэгэр отчуоттуур кэмҥэ быйылгы дьыллааҕы оттооһун сорудаҕа 52,2 бырыһыан туолан иһэр, уопсай кэбиһиллибит от 574 тонна буолла. Сордоҥноохтор балачча оту бэлэмнээтилэр: былааннарын 80,8 % толорон иһэллэр, 485 тонна кэбиһиилээхтэр. Төрүккэ отчуттар 104 тонна кэбиһиини туруордулар (31,3%).
Бары билэрбит курдук, уу-хаар быйыл улуус тыа сиригэр от үлэтин улаханнык атахтаата. Чуолаан, Өймөкөөн нэһилиэгэр уу улаханнык таһааран ыарахан балаһыанньа үөскээтэ.
Атын да нэһилиэктэргэ дьон-сэргэ кэбиһиилэр ууга тураллар диэн хараасталларын биллэрэллэр.
Любовь Кривошапкина