Өймөкөөҥҥө «Ньургуһун» диэн оҕо дьоҕурун күрэҕэ ыытылынна

Биһиэхэ «Ньургуһун» диэн ааттаах оҕо дьоҕурун күрэҕэ ыытыллар буолбута 10-ча сыл буолла.  Күрэхтэһиибит быйыл Саха сиригэр биллэриллибит Оҕо саас сылыгар ананна.

Манна барыта 26 оҕо кытынна. Оҕо дьоҕурун сайыннарыыга кыһаллан үлэлиир-хамсыыр аҕыс салайааччыга Махтал сурук туттардыбыт.

Тэрээһиҥҥэ Биэрэк Үрдүттэн уһуйаан оҕолоро кытыннылар. «Саадьаҕай оҕус» диэн норуот ырыатын уолаттар таба туйаҕынан доҕуһуоллаан толордулар (сал. Слепцова Я.Н.). Маны тэҥэ оҕолор саха үҥкүүтүн эриэккэстик үҥкүүлээтилэр (сал. Стефанчук Т.В.). Кырачаан кыргыттар  ньургуһун үҥкүүтүн көрдөрдүлэр уонна бу тиэмэҕэ дьэрэкээн таҥастарынан муодаҕа кытыннылар (сал.Уваровская Н.Г., Смирнова М.А.).

Учуутал А.С. Готовцева ырыаҕа дьарыктыыр оҕолоро «Эбэбэр» диэн ырыаны үөрэ-көтө ыллаатылар. Хамнаныы, таҥас-сап мааны, олус үчүгэйдик толордулар.

«Айылгы»  фольклор бөлөҕө (сал. Сардаана Уйгун) икки нүөмэри туруорда. Бөлөх кыттааччылара хомустаан дьүрүһүттүлэр уонна норуот ырыаларын ыллаатылар. Талааннаах оҕолорбут өрүү буоларын курдук, үрдүкү чыпчаалы ситистилэр.

Томтордооҕу Оҕо ускуустубатын оскуолатын уруһуй куруһуогар сылдьар оҕолор дэгиттэр талааннарын көрдөрдүлэр. Куонкуруска хастыы эмэ уруһуйу ыыппыттар. Салайааччылара — Н.Е. Егорова. Кинилэр хаартыска күрэҕэр эмиэ кытыннылар.

Оҕолор дьоҕурдара сылын аайы тупсан иһэрин бэлиэтээтибит.

Бу күрэххэ кыттыыны ылбыт оҕолорго, салайааччыларга барыларыгар улахан махтал буолуохтун.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Татьяна Итегелова,

биһиги общ.корр.,

Биэрэк Үрдэ

 

Читайте дальше