РФ Үөрэх миниистирин Сергей Кравцов көҕүлээһининэн Арассыыйаҕа биллэриллибит Педагог уонна Уһуйааччы сылын иитинэн “Мин бастакы учууталым” аахсыйа бара турар.
Анна Павлова, “Сордоҥноох нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччыта:
— Бастакы учуутал диэн оҕону аан маҥнай билиигэ-көрүүгэ сирдээччинэн, олох киэҥ аартыгын арыйаааччынан буолар. Биһиэхэ оннук киһинэн күүскэ таптыыр, убаастыыр, ытыктыыр, киэн туттар киһибит — бастакы учууталбыт Люция Гаврильевна Мохначевская буолар. Учууталбыт Люция Гаврильевна идэтигэр олус бэриниилээҕэ, ис дууһатыттан кыһаллан туран, үгүс сыратын, күүһүн-күдэҕин биһиэхэ анаабыта. Оскуола боруогун саҥа атыллаабыт кырачааннарга иккис ийэбит кэриэтэ буолбута.
Биһиги кылаас билигин араас идэлээх дьон буолан, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар олоробут, үлэлиибит. “Кырдьаҕаһы хааһахха хаалыы сылдьан сүбэлэт” диэн өс хоһоонунуу, маҥнайгы учууталбыт Люция Гаврильевна биһиэхэ үлэбитигэр үтүө сүбэһит, олохпутугар бигэ тирэх, үөрүүбүтүн-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэр чугас киһибит буолар.
Аграфена Аммосова, Үчүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ:
— Оҕоҕо саамай сүрүн быһаарыылаах түгэнинэн оскуолатын таба тайаныыта буолар.
Миигин 1982 с. төрөппүттэрим Нөмүгү нэһилиэгин оскуолатыгар аан маҥнай нуучча кылааһыгар биэрэргэ быһаарыммыттар. Ону нууччалыы үөрэнэрбин кыайбакка, саха кылааһыгар көспүппүттэн билигиҥҥээҥҥэ диэри махтана саныыбын. Кырдьык, оҕоҕо маҥнайгыы учууталын дьайыыта олус улахан диэн эрэллээхпин.
Мин күндүтүк саныыр, ытыктыыр маҥнайгы учууталбынан Ефросинья Николаевна Иванова буолар. Ефросинья Николаевна биһигини өрүү тыйаатырга, түмэлгэ, сайынын походка илдьэрэ. Араас сэргэх оҥоһуктары оҥоттороро.
Оскуолатааҕы учаастакка оҕуруот аһыгар уу куттаран, сыыс ыраастааһыныгар илдьэ сылдьан үлэҕэ сыһыарара. Учууталбыт биһиэхэ кинигэҕэ тапталы ииппитэ, хас нэдиэлэ аайы кылааһынан оҕо бибилэтиэкэтигэр сылдьарбыт. Мин оскуолаҕа аахпат да, суруйбат да киирбит оҕо – начаалынай кылаас бүтүүтүгэр кинигэ ааҕарбын олус сөбүлүүр буолбутум.
Мин Ефросинья Николаевна курдук мындыр, идэтин чопчу баһылаабыт, сэмэй учууталга үөрэммиппиттэн дьылҕабар махтанабын уонна чэпчэкитэ суох бу түһүүлээх-тахсыылаах олоххо кини сүбэлэрин баччааҥҥа диэри туһанабын.
Ульяна Захарова, Өймөкөөн нэһилиэгин “Тымныы оройо” култуура дьиэтин салайааччыта:
— Мин маҥнайгы учууталым Люция Прокопьевна Аммосова этэ. Өймөкөөн нэһилиэгин орто оскуолатыгар биһиги 1996 с. 25 оҕо буолан үөрэн-көтөн киирбиппит.
Үһүс кылааска учууталбыт декретнэй уоппускаҕа баран, саҥа учууталбыт Агафья Степановна Готовцева буолбута. Онтон улахан кылааска биһигини Альбина Еремеевна Алексеева ылбыта. Мин санаабар, олоххо бэлэмнээх, чиэһинэй, үтүө майгылаах буола улаатарбытыгар бу үс учуутал улахан олугу уурбуттара.
Хас биирдии учуутал бэйэтин сүрэҕин сылааһын ис дууһатыттан биэрэн, биир да оҕону туораппака ииппитэ. Кинилэр уруоктара өрүү интэриэһинэй буолааччылар. Билигин биһиги кылаас оҕолоро учууталларбытын кытта өрүү көрсөбүт, сүбэ-ама ылабыт, үөрүүбүтүн-хомолтобутун үллэстэбит.
Люция Прокопьевнаҕа, Агафья Степановнаҕа уонна Альбина Еремеевнаҕа биһиги кылаас аатыттан улахан махталбын тиэрдэбин!
Ольга Скрыбыкина