Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийии – интэриэһинэй, умсугутуулаах уонна ураты иитэр-үөрэтэр суолталаах үлэ буолар. Өймөкөөн нэһилиэгиттэн иитээччи Елена Боронцоева лааҕыр үлэтин туһунан бу курдук кэпсээтэ.
— Лааҕырга оҕолор сарсыарда 10-тан киэһэ 17 чааска диэри сырыттылар. Бу күннэргэ «Чэчир» чэбдигирдэр оҕо лааҕыра бастакы сезона түмүктэннэ.
Лааҕырбытыгар уопсайа 7 саастарыттан 12-гэр диэри 25 оҕо сырытта, онтон 15 уол уонна 10 кыыс. Оскуола техническэй үлэһитэ Акулина Старкова уонна мин оҕолору кытта биир ый устата таһаарыылаахтык үлэлээтибит.
Лааҕырга оҕолорбутун айылҕаҕа таһааран сиргэ-уокка хайдах туттан-хаптан сылдьыы туһунан, туох сиэри-туому тутуһуохха наадалааҕын, айылҕаны харыстыырга, ыраастык-чэбэрдик сылдьарга үөрэттибит.
Итиэннэ үлэбит тиһэх күнүгэр оҕолортон тугу билбиттэрин-көрбүттэрин, өйдөөн хаалбыттарын, бэйэлэригэр тугу ылыммыттарын иһиттибит, санаа атастастыбыт.
Ити курдук бастакы сезон олох биллибэккэ ааста. Күммүт сарсыарда эти-хааны чэбдигирдэр эрчиллииттэн саҕаланара. Оҕолорбутугар анаан күн аайы саҥаттан саҥа, сонун тэрээһиннэри ыыттыбыт.
Үлэбит былааныгар «100 үтүө дьыала» диэн аһымал аахсыйа чэрчитинэн үлэ, тыыл бэтэрээнэ Мария Гаврильевна Ефимоваҕа баран хаһаайыстыбатыгар илии-атах буолбуппут. Оҕолорбут кууруссалары аһатан, уу таһан көмөлөспүттэрэ. Ити курдук бириэмэлэрин сөпкө уонна туһалаахтык атаарарга үөрэннилэр.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Евдокия Егорова