Түгэнинэн туһанан, Байаҕантай улууһун нэһилиэктэрин ыһыахтарын туһунан кылгастык быһааран ылыым.
Байаҕантай улууһа Саха сиригэр дьаһаах хомуйуутуттан ыла баара. 1710-1720 сс. улуустар тэриллибиттэрэ. Байаҕантай улууһун туһунан кыраайы үөрэтээччи Николай Николаев бу курдук кэпсиир:
— 1760-с сыллартан улуустарга нэһилиэктэр баар буолбуттара. Улуустар уонна нэһилиэктэр административнай тэриллии быһыытынан чуолкайдык 1823-1825 сылларга бигэргэммиттэрэ. Байаҕантай улууһугар маннык нэһилиэктэр бааллара: 1-кы Байаҕантай (киинэ Танда), 2-с Байаҕантай (киинэ Тиит Арыы), Хара Алдан, Алдан (Уус Таатта), 4-с Байаҕантай (киинэ Киэҥ Күөл), Баайаҕа (киинэ Томтор), Игидэй (Туора Күөл), Уолба, 3-с Байаҕантай (киинэ Кириэс Халдьаайы), Мэҥэ Алдан, Саһыл (киинэ Кэскил), Ыҥаа (киинэ Новай), 1-гы Бороҕон (киинэ Өймөкөөн), 2-с Бороҕон (Кириэс Томтор), Үчүгэй, Сордоҥноох, Төрүт (Хаҥалас), Муома (Арҕаа Моой). 1930-1931 сылларга Байаҕантай улууһун түөрт оройуоҥҥа үллэрбиттэрэ: Уус Алдаҥҥа — икки нэһилиэк, Тааттаҕа — уонтан тахса, түөрт эбээн ууһун көһө сылдьар нэһилиэктэрэ холбоһон, Томпо оройуона тэриллибитэ. Өймөкөөн улууһа 1920 сыллаахха туспа оройуон буолбута. Байаҕантай улууһа ити курдук түөрт улууска арахсыбыта.
«Байаҕантай» диэн уопсастыбаннай түмсүү баар (салайааччылара бырааттыы Иннокентий уонна Иван Андросовтар). Байаҕантай удьуордара бэйэлэрин историческай ааттарын сүтэриэхтэрин баҕарбат буолан, араас хайысхалаах суолталаах тэрээһиннэри ыыталлар. Онтон биирдэстэрэ — Байаҕантай ыһыаҕа. Былырыын, 2022 сыллаахха, Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар алтыс ыһыах ыһыллыбыта. Өймөкөөн улууһугар бу ыһыах иккис нэһилиэгэр ыытыллар – Томтор нэһилиэгэ уочараттаах Байаҕантай ыһыаҕын эрдэ ыытан турар. Эһиил, 2024 сылга, Байҕантай улууһун нэһилиэктэрин ыһыаҕа Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгэр ыһыллар.
Ити курдук, урукку Байаҕантай улууһун нэһилиэктэрэ уочаратынан көһө сылдьан, иккилии сыл буола-буола ыһыахтыыллар.
Улуус пресс-сулууспата