Соторутааҕыта Томтордооҕу модельнай бибилэтиэкэҕэ ”Доруобуйа күнэ” диэн бэртээхэй тэрээһин буолла.
Бибилэтиэкэр Надежда Литвинцева кэпсээбитинэн, тыа сиригэр эмтээх оту хомуйуунан дьарыктанар кэрэ аҥаардар “Айылҕа эмэ-томо” диэн батсаап-бөлөх тэриммиттэрэ.
Томтордооҕу бибилэтиэкэҕэ ыытыллыбыт “Доруобуйа күнүгэр” Сордоҥноох нэһилиэгиттэн СӨ норуот промыслын маастара, элбэх оҕолоох ийэ, айар куттаах Екатерина Григорьевна Громова бэйэтэ хомуйбут үүнээйиитин аҕалан, от эмтиир суолтатын киэҥник сырдатта. Онтон Өймөкөөн улууһун норуот маастара Мария Винокурова “Аар айылҕам харыстыы, араҥаччылыы сырыт диэн көрдөстөҕүм буоллун!” диэн медиа-презентациятын билиһиннэрдэ. Мария Петровна кинилэр дьиэ кэргэннэрэ эмтээх оттору күннээҕи олохторугар хайдах туһаналларын сырдаппыта тэрээһин кыттыылаахтарын болҕомтотун тарта.
Маны тэҥэ олохтоохтор “Айылҕа эмэ-томо” атыы-эргиэн быыстапкатын сэҥээрдилэр.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Любовь Кривошапкина