Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатыгар соторутааҕыта үгэскэ кубулуйбут күһүҥҥү тэрээһин — «Нация кроһа» диэн сүүрүү күнэ ыытылынна.
Бу тэрээһин сүрүн сыалынан чөл олоҕу пропагандалааһын, физкультуранан уонна успуордунан дьарыктаныыга көҕүлээһин буолар.
Биһиэхэ, оскуолабытыгар, күргүөмүнэн сүүрүү күнэ балаҕан ыйын 14-гэр сарсыарда 11 чаастан саҕаламмыта. Үөрэнээччилэри кыргыттар уонна уолаттар хамаандаларыгар араарбыттара. Бастаан разминкаланан баран, күрэхтэһиибит саҕаламмыта.
Сүрдээх тыҥааһыннаах күрэхтэһии да буолан ааста диэххэ наада. Күһүҥҥү күммүт чаҕылыччы тыган, сылаабытын таһаарда. Оҕолорго бары үрдүк дабайыылары, улахан ситиһиилэри баҕарабын!
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Давид Канаев, 8-с кылаас. Өймөкөөн