Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин дьоно Ил Дарханы кытта кэпсэтиини сэргээн иһиттилэр

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев быһа эпиир истэн баран, Өймөкөөн улууһун “Төрүт нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыга Владимир АЛЕКСЕЕВ санаатын маннык үллэһиннэ.

Саха сирин Баһылыга Айсен Николаев быһа эпииргэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдаата. Суол-иис туруга ханна баҕарар тыын боппуруос. Бу — дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олохтообут национальнай бырайыактарыттан биир сүрүннэрэ. Улуус салалтата маныаха күүскэ үлэлэһэн, быйылгыттан Төрүт нэһилиэгиттэн “Халыма” федеральнай трассаҕа диэри суол учаастага аны төгүрүк сылы быһа үлэлиир буолар. Онуоха СӨ Бырабыыталыстыбатын сыллааҕы үлэтин отчуоттуур бөлөҕү салайбыт СӨ Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев биһиэхэ кэлэ сылдьан, суолу өрөмүөннүүргэ үп көрүллэрэ былааҥҥа киирбитин туһунан эппитэ. Онон төрүттэр хааччаҕа суох айанныылларыгар хамсааһын таҕыста диэххэ сөп, бу күннэргэ тустаах докумуоннары күүтэбит.

Төрүт нэһилиэгин электрическэй уотунан “Магаданэнерго” хааччыйар. Бу тэрилтэ үлэһиттэрэ былырыын күһүн уонна соторутааҕыта нэһилиэккэ кэлэн эргэ остуолбалары, уот барар ситимин сорох чааһын уларыттылар. Ол иннинэ, урукку сылларга Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо электрическэй уотунан хааччылыыга кэккэ уустуктары көрсөллөрө.

Айсен Николаевич быйыл сайын Уһук Илиҥҥи эрэгийэҥҥэ куйаас сайын буолара сабаҕаланарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини: “Билигин биһиги сүрүн сорукпут – нэһилиэнньэлээх пууннарга, дьон олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйыы”, — диэн быһаччы ыйда. Онон баһаартан сэрэтэр үлэни миэстэтигэр күүскэ ыытыах тустаахпыт. Биһиги бу үлэни кыралаан саҕалаатыбыт. Ыам ыйын ортотуттан сири хараардыы, минерализованнай хаһыы оҥоһуллуоҕа. Нэһилиэнньэҕэ быһаарар, сэрэтэр үлэ эмиэ тэриллэр. Өртөөһүн бобуулааҕын, оннооҕор бас билээччилэр сирдэриттэн уот турдаҕына хаһаайын административнай биитэр холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыан сөбүн нэһилиэнньэ өйдүөх тустаах.

Биһиги хаһыс даҕаны сылбытын СӨ нэһилиэнньэтигэр куттал суоһаабатын хааччыйар Кэмитиэккэ “МПУ-2000” диэн баһаарынай цистерна ыларбытыгар көмөлөһөллөрүгэр туруорсабыт. Бу тэрили ханнык баҕарар көлөҕө холбонон баран, ойуур уотун умуруорууга туттуохха сөп, бэйэтэ анал носуостаах, шлангалаах.

Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииригэр оскуола оҕото сайынын дьарыктаах буолуутугар, Зырянкаттан эдэр ыччат түргэн тэтимнээх интэрниэтинэн , элбэх оҕолоох ийэ үлэнэн хааччыллыыга о.д.а. ыйытыктар киирбиттэрэ Саха сирин араас көлүөнэ олохтоохторо Аҕа баһылыкпытыгар эрэнэллэрин көрдөрөр дии саныыбын. Ил Дархаммыт норуотун кытта сотору-сотору маннык аһаҕастык кэпсэтэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Кини бэҕэһээ олох-дьаһах бары хайысхаларын таарыйан кэпсэтиини тэрийдэ.

Муус устар 27 күнүгэр, сарсын, киэҥ нэлэмэн хотугу дойдубутугар Өрөспүүбүлүкэ күнүн бэлиэтиибит. “Бу үөрүүлээх күн биһиги өрөспүүбүлүкэбитин төрүттээбит дьоммутун, бастакы бэрэсидьиэммитин Михаил Ефимович Николаевы ахтан-санаан ааһыахпыт”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эппитин үгүс дьон кэрэхсии истибитэ саарбахтаммат.

Любовь Кривошапкина кэпсэттэ

Читайте дальше