Өймөкөөн улууһун олохтоохторо хайдах куоластаатылар?

Өймөкөөн оройуона Россия президенин быыбарыгар кыттыытын ахсаанынан  өрөспүүбүлүкэҕэ хаалыылаахтар ахсааннарыгар киирдэ диэххэ сөп.

Ол курдук улуустар уонна куораттар ортолоругар биһиги кэнникиттэн үһүс миэстэҕэ сылдьабыт. Олохтоох дьон, сахалар этэллэринэн, сырыы аайы араас таһымнаах быыбардарга көрдөрүүнү буортулааччынан, аллараа тардааччынан үксүн кэлии дьонтон турар Уус-Ньара бөһүөлэгэ буолар. Бу этии кырдьыктаах буоларын киин бөһүөлэк  олохтоохторо, хомойуох иһин, билинэргэ тиийэбит.

Мантан аллараа территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйа биэрбит түмүктүүр дааннайын билиһиннэрэбит.

Өймөкөөн улууһун үрдүнэн испииһэккэ киирбит быыбардааччы уопсай ахсаана – 6130, мантан куоластааһыҥҥа кыттыбыт дьоно – 3770 (61, 50 %). 

Өймөкөөн улууһун олохтоохторо куоластарын биэрбиттэрин түмүгэр:

В.В. Путин – 3214 (85,25 %), Л.Э. Слуцкай – 122 (3,24%), Н.М. Харитонов – 209 (5,54%), В.А. Даванков  – 163 (4,32 %) быыбардааччы куолаһын хомуйдулар.

Уус-Ньара бөһүөлэгэр 2244 киһи (55, 13%) куоластаата. Ол иһигэр В.В. Путин туһугар: 1862 быыбардааччы (82,97 %), Л.Э. Слуцкайга – 100 киһи (4,45%), Н.М. Харитоновка – 122  (5,43%), В.А. Даванковка – 110 киһи (4,9 %) куолаһын биэрдэ.

Аартык бөһүөлэгэр быыбарга 160 олохтоох киһи (62,99%) кытынна. Ол иһигэр В.В. Путин иһин – 119  (74,38 %) куолас бэрилиннэ, Л.Э. Слуцкайга– 7 (4,38%), Н.М. Харитонов туһугар – 20  (12,50%), В.А. Даванковка – 10  (6,25%) киһи куолаһын биэрдэ.

Үчүгэй нэһилиэгэр 146  киһи (70,19%) куоластаата. Уонна В.В. Путин – 131  (89,73 %), Л.Э. Слуцкай – 1 (0,68%), Н.М. Харитонов – 10  (6,85%), В.А. Даванков  – 3  (2,05 %) туһугар куоластарын биэрдилэр.

Сордоҥноох нэһилиэгэ өрүү — инники күөҥҥэ. Олохтоохтортон быыбарга 156 (91,23%) киһи кыттыыны ылла. Ол иһигэр  В.В. Путин  туһугар – 141 (90,38 %), Л.Э. Слуцкайга – 3 (1,92%), Н.М. Харитоновка – 3  (1,92%), В.А. Даванковка – 8 (5,13 %) куолаһы биэрдилэр.

Төрүт нэһилиэгэр 158 (80,20%) киһи быыбарга кытынна.  Ол иһигэр В.В. Путин туһугар куолас – 127 (80,38 %), Л.Э. Слуцкайга –  5 (3,16%), Н.М. Харитоновка – 15 (9,49%), В.А. Даванковка – 9  (5,70 %) киһи куоластаата.

Өймөкөөн нэһилиэгэр уопсайа 215 (72,39%) киһи куоластаата.  Манна В.В. Путин – 198 (92,09 %), Л.Э. Слуцкай – 1 (0,47%), Н.М. Харитонов – 11  (5,12%),  В.А. Даванков туһугар  5 (2,33%) киһи куолаһын биэрдэ.

Хара-Тумул учаастагар 45 (77,59%) киһи куоластаата, ол иһигэр В.В. Путин – 43 (95,56 %), Л.Э. Слуцкай – 0  (0%), Н.М. Харитонов – 1 (2,22%), В.А. Даванков туһатыгар 1 (2,22 %) куолас бэрилиннэ.

Биэрэк-Үрдүн учаастагар 87 (69,60%)  киһи быыбарга кытынна. Манна В.В. Путин – 83 (95,40 %), Л.Э. Слуцкай – 0 (0%), Н.М. Харитонов – 3  (3,45%), В.А. Даванков – 1 (1,15 %) туһугар киһи куолаһын биэрдэ.

Улууспут саамай улахан нэһилиэгэр Томторго 559 (74,53%) быыбардааччы куоластаата. Түмүккэ В.В. Путин туһугар — 510  (91,23 %) киһи, Л.Э. Слуцкайга – 5 (0,89%), Н.М. Харитоновка – 24 (4,29%), В.А. Даванковка – 16  (2,86 %) киһи быыбардаата.

Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Ирина Петрова

Читайте дальше