Өймөкөөн улууһун хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарын бырааһынньыктарыгар

Соторутааҕыта Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр түмэл балаҕаныгар Тымныы полюһугар түөлбэлээн олорор аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарга аналлаах тэрээһин бэрт сэргэхтик ыытылынна.

Ыалдьыттары Сордоҥноох нэһилиэгин ытык олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ, эбээн норуотун чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, айар куттаах Екатерина Григорьевна Таркова арчылаата, уохтаах кымыһынан, арыылаах саламаатынан, алаадьынан аал уотун күндүлээн айах тутта.

Улуус дьоно улаханнык ытыктыыр учууталбыт Мария Поликарповна Боярова олус истиҥник кэргэнин, оройуоннааҕы Ассоциация бастакы бэрэссэдээтэлин С.В. Слепцов ахтыыларыттан, улууска кини көҕүлээһининэн хайдах аан бастакы аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар общественнай түмсүүлэрэ тэриллибитин, онуоха үгүс үлэ ыытыллыбытын туһунан сиһилии кэпсээтэ диэн АКМНС бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ (Ассоциация сал. Марианна Таркова) Валентина Прокопьева сырдатта.

Арассыыйа үтүөлээх учуутала Мария Боярова бырааһынньык кэнниттэн санаатын маннык үллэһиннэ:

  • Улууска аан бастаан 1990 сыллаахха тэриллибит Ассоциация үлэтэ билиҥҥэ диэри салҕана турара кэрэхсэбиллээх. Оттон бастакы сыллар хайдах курдук өрө күүрүүлээх, дьон-сэргэ түмсүүлээх этилэрэй?! Үчүгэй нэһилиэгэр улуустааҕы кэмпириэнсийэлэр, оскуолаларга эбээн тылын үөрэтиини саҕалааһын, элбэх оҕолоох, соҕотох төрөппүттэрдээх ыалларга көмө оҥоруута, Арктика быраастара диэн ааттанан тэриллибит эспэдииссийэ нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлээһинэ, устудьуон оҕолорго көмө, о.д.а үлэ үтүмэнэ барбыта. Аҕа саастаах дьон өйдүүрэ буолуо, урут оннооҕор таба ыстаадатыгар ыһыах ыһыллар буолара, онно бөртөлүөтүнэн үгүс киһи тиийэрэ.

Мария Поликарповна бэлиэтээбитинэн, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуот бэйэтигэр анаммыт күнүн өрө күүрүүлээхтик бырааһынньыктыыра олус наадалаах. Улуус табаһыттарын олохторо-дьаһахтара, үлэлэрэ-хамнастара тупсарын, сайдарын туһугар туруоруллар боппуруостар үгүстэрэ чахчы.

Кэлэр өттүгэр бу хайысхаҕа болҕомто уурулларыгар баҕа санаатын бары ытыктыыр бэтэрээн-учууталбыт бар дьонугар тиэртэ.

Биһиги корр.

Читайте дальше