Улууспутугар аҕыйах ахсааннаах төрүт норуот түөлбэлээн олорор сирдэринэн Үчүгэй, Сордоҥноох уонна 2-с Бороҕон нэһилиэктэрэ буолаллар. Аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар сүрүн дьарыктарынан таба иитиитэ, бултааһын буолаллар. Бу омуктар кэлиҥҥи кэмҥэ сылгы иитиитигэр эмиэ кэлимник ылсан эрэллэр.
Билиҥҥи туругунан Өймөкөөн улууһугар таба иитиитинэн, булдунан дьарыгырар алта аҕа ууһунан община, икки ИП бааллар. Онтон сылгы иитиитинэн Сардана Николаевна Громова, Мирон Николаевич Егоров, Яков Ильич Тарков, Михаил Петрович Черкашин хаһаайыстыбалара дьарыктаналлар. Ийэ, дьахтар киһи Сардаана Громова тыа хаһаайыстыбатын биир уустук салаатынан утумнаан дарыктана, сылгыларын көрө-истэ, дьаһана сылдьара олус кэрэхсэбиллээх.
Ассоциациябыт чилиэннэрэ ханнык да үлэттэн туора турбакка, ылсан иһэллэрэ үөрдэр. Олор истэригэр Парасковья Семеновна Балаеваны, Екатерина Николаевна Данилованы, Наталья Федоровнаны, Ольга Степановна Громованы о.д.а. ааттатыахха сөп.
Биһиги тумус туттар дьоммутуттан биирдэстэрэ Ирина Христофоровна Винокурова быйыл үлэтин, дьиэтин-уотун, хаһаайыстыбатын көрүүтүн-истиитин быыһыгар 14-с өрөспүүбүлүкэтээҕи “Далбар хотун-2024” күрэххэ кыттан, “Хоһуун Хотун” номинация хаһаайына буолан биир дойдулаахтарын үөрдүбүтэ.
Маны тэҥэ Өймөкөөн улууһун аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциациятын биир актыыбынай чилиэнэ, бас-көс киһибит Валентина Николаевна Прокопьева быйыл үс улахан бэлиэнэн наҕараадаланна. Ол курдук, киниэхэ СӨ кинематографиятын Бочуоттаах бэтэрээнэ, 2-с Бороҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо аат иҥэрилиннэ. Ону тэҥэ кини үрүҥ көмүс волонтердар “Молоды душой” диэн бэлиэлэрин ылар чиэскэ тигистэ.
Оҕолорбут, сиэннэрбит ситиһиилэринэн киэн туттабыт. Ол курдук аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоту, саха сылгытын аар-саарга аатырдыбыт Дугуйдаан Винокуров Өймөкөөнтөн Москваҕа диэри 11 тыһыынча килэмиэтири, аны тоһуттар тымныыга Магадан Сеймчааныгар диэри 800 килэмиэтири атынан айаннаабыта — бу төрөөбүт улууһугар үйэлээх бэлэҕэ буоллаҕа.
Аны ыччаппыт успуорт араас көрүҥнэригэр ситиһиилэрин киһи ааҕан да сиппэт. Көҥүл тустууга РФ успуордун маастара Любомир Ашеин, СӨ национальнай ыстаныыларга успуорт маастара, РФ уонна СӨ хотугу многоборьеҕа успуордун маастара, ыстаҥаҕа хас да төгүллээх рекордсмен Георгий Софронов, үүнэн, чэчирии сайдан иһэр чэпчэки атлетикаҕа эрэлбит Катя Балаева, бырааттыы Айтал, Айсан Громовтар хапсаҕайга уонна көҥүл тустууга ситиһиилэринэн өрөспүүбүлүкэбитигэр бигэтик аатыран эрэллэрэ үөрдэр. Ыччаппыт успуорка эрэ буолбакка, билии-үөрэх чааһыгар эмиэ үрдүк ситиһиилээх. Ол курдук Степан, Айсен Сивцевтэр орто анал үөрэхтэрин кыһыл көмүс дипломунан бүтэрдилэр. Култуура эйгэтигэр Дмитрий Винокуров ылбаҕай ырыатынан, ураты куолаһынан дойдутун дьонун сэҥээриитин ылбыта ыраатта. Кини бүтүн Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тиийэ араас куонкурустарга кыттан, үрдүк ситиһиилэммитэ.
Бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран, төрүт норуоттар олохторун-дьаһахтарын, кыһалҕаларын быһаарыы, кинилэр бырааптарын көмүскээһин, духуобунас, култуура баай нэһилиэстибэтин чөлүнэн хаалларыыга, байытыыга үлэ күүскэ ыытылларыгар баҕарабын.
Өбүгэбит төрүт дьарыга, тыла-өһө сүппэтин-симэлийбэтин, тэнийдин-кэҥээтин, уйгу-быйаҥ буолуохтун. Айылҕабыт биһигини үтүө хараҕынан көрдүн, өйөбүл, үбүлээһин эбиллэ турдун. Дьоммор-сэргэбэр ыраас халлааны, үрдүк үүнүүнү уонна дьоһун дохуоту баҕардаҕым буолуохтун!
Марианна Таркова,
«Ай-Молкээн” АКМНС бэрэссэдээтэлэ