Бу сылтан улуустааҕы “Севернай заря” уонна “Хотугу сардаҥа” хаһыаттарга сурутуу биир сылга эмиэ оҥоһуллар буолбута. Онон күндү ааҕааччыларбытын, түгэнинэн туһанан, бу дьыл бүтүүтэ сыллааҕы сурутууну оҥороргутугар ыҥырабыт.
Кэлиҥҥи кэмҥэ “Сурутууну бэлэхтээ” диэн аахсыйа үтүө үгэскэ кубулуйан эрэрэ кэрэхсэбиллээх. Ол быһыытынан норуот дьокутааттара, сорох тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон улуус ытыктанар бэтэрээннэригэр, аҕам саастаахтарга, педагогтарга, элбэх оҕолоох ийэлэргэ, о.д.а. улуустааҕы хаһыаттары бэйэлэрин харчыларыгар суруппуттара.
2023 сыл иккис аҥаарыгар ыытыллар сурутуу хампаанньатыгар ордук элбэх киһи Өймөкөөн нэһилиэгин олохтоохторугар сурутууну бэлэхтээтилэр. Манна даҕатан эттэххэ, бу нэһилиэк сурутааччытын ахсаана саамай элбэх буолар. Нэһилиэккэ сурутууну туох да төлөбүрэ суох учуутал Агафья Готовцева тэрийбитэ хаһыс даҕаны сыла.
Кинини таһынан тыа сирин бары нэһилиэктэригэр эрэллээх көмөлөһөөччүлэрбит бибилэтиэкэлэр үлэһиттэрэ буолалларын олохтоохтор бэркэ диэн билэллэр. Ол – Томторго Надежда Литвинцева, Сордоҥнооххо Мария Никифорова, Үчүгэйгэ Наталья Громова, Төрүккэ Нина Чачуа.
Өймөкөөн улууһунааҕы дьокутааттар муниципальнай Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Михаил Андреев, улуустааҕы дьаһалта үлэһитэ Евгений Кривошапкин, урбаанньыт Иван Десяткин, киин куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт Фаина Румянцева, Тамара Винокурова, улуустааҕы Нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутун управлениета (сал. Прасковья Аммосова), “Өймөкөөн Тымныы Оройо” муниципальнай тэриллии баһылыга Павел Васильев, бырааттыы Рустам уонна Ньургун Кривошапкиннар, бу нэһилиэк олохтоохторо, дьокутааттара Елена Винокурова, Марианна Тырылгина, Ульяна Захарова, Вероника Габышева, Агафья Готовцева, Екатерина Посельская, Роза Макарова, Маргарита Винокурова, Анна Винокурова, Сордоҥноох нэһилиэгиттэн дьокутаат Татьяна Готовцева, Уус-Ньараттан учуутал Антонина Саврас, эрэдээксийэ бары үлэһиттэрэ улуус дьонугар сыл иккис аҥаарыгар сурутууну бэлэхтээтилэр.
Любовь Кривошапкина