Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо 90 сааһын туолла

Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Төрүт нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа Афанасий Иванович Десяткин бу күннэргэ 90 сааһын томточчу туолла.

Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх

Афанасий Иванович Десяткин 1933 с. Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлү нэһилиэгэр бааһынай дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Кини оҕо сааһа төрөөбүт дойдутугар ааспыта. Кыра эрдэҕиттэн үлэ ыараханын этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Афанасий уоттаах сэрии аас-туор сылларын тулуурдаахтык ааһан, 4-с кылааһы этэҥҥэ үөрэнэн бүтэрбитэ. Онтон 20 сааһын туолбут сиппит-хоппут эдэр киһи төрөөбүт дойдутугар ытык иэһин толорон, сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта. Аармыйаттан кэлэн баран биир сыл Дьокуускай куорат киин электроыстаансыйатыгар оробуочайынан үлэлээбитэ. Афанасий Иванович ити кэнниттэн үлэтин хайысхатын уларытан, 4 ый устата геофизическэй эспэдииссийэҕэ үлэлии сылдьыбыта. Бу салааҕа кини олоҕун өссө түөрт сылын анаабыта, Дьокуускайдааҕы геологическай управлениеҕа үлэлээбитэ.

Иккис дойдута – Өймөкөөн

 Афанасий Иванович 1957 с. Өймөкөөҥҥө көһөн кэлбитэ. Кини хаһан даҕаны ыарахан үлэттэн чаҕыйбат этэ, ылсыбыт дьыалатыгар мэлдьи эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара. Ол курдук хачыгаардыы, сылгыһыттыы сылдьан бэйэтин туруу үлэһит быһыытынан көрдөрбүтэ. Охоноос тыа сирин киһитин сиэринэн оттоон-мастаан, Төрүт нэһилиэгин сайдыытыгар киллэрбит кылаата үгүһэ саарбахтаммат. Афанасий Иванович 90 хаарыгар үктэнэн да баран үүнэр көлүөнэ ыччакка үлэни-хамнаһы өрө тутуу чаҕылхай холобурунан буолар.

Успуорду өрө тутан

Афанасий Десяткин эдэригэр успуорду өрө тутара. Олоҕун устатын тухары нэһилиэккэ успуорт сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Ол курдук кини хапсаҕай, тустуу, хайыһар курдук успуорт көрүҥнэринэн утумнаахтык дьарыктанан, успуорт бэтэрээнэ буолбута. Кини нэһилиэк иһинэн ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара.

Дьиэ кэргэнэ

А.И.  Десяткин сэттэ оҕолоох. 14 сиэн уонна 29 хос сиэн амарах эһэтэ. Кэргэнэ Евдокия Ивановна билигин күн сиригэр суох. Иллээх кэргэнниилэр оҕолоро уонна сиэннэрэ бүгүн бары үөрэхтээх дьон.

Аҕабыт бүгүн айыҥҥы эриэккэс күннэргэ сыламнаан, ходуһатыгар сылдьар, от охсор, ол быыһыгар кырачаан сиэннэрин көрөр-истэр, — диир кыыһа Маргарита Афанасьевна Барашкова.

 Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

 Евдокия Егорова

Читайте дальше