Улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Ираида Харлампьева иһитиннэрбитинэн, СӨ Доруобуйа харыстабалын министиэристибэтигэр сайаапка түһэриитин сэргэ араас социальнай ситимнэргэ тымныы полюһугар исписэлиистэр наадаларын туһунан иһитиннэриилэри тиһигин быспакка таһаараллар.
Бу дьыл балаҕан ыйыттан саҕалаан улуус 14 мэдиссиинэ исписэлииһинэн эбилиннэ. Ол иһигэр “Земскэй дуоктар” уонна “Земскэй биэлсэр” бырагырааманан 8 исписэлиис үлэлээн эрэр.
Санатар буоллахха, “Земскэй дуоктар” 2021 сылтан, “Земскэй биэлсэр” 2015 с. тыа сиригэр үлэлиэн баҕалаах эмчиттэри өйүүр аналлаах олохтоммута.
Манна даҕатан эттэххэ, медиктэр өрөспүүбүлүкэттэн эрэ буолбакка, Арассыыйа араас муннуктарыттан тиийэ кэлбиттэр. Олор истэригэр Саха сиригэр номнуо хаһыс даҕаны сылларын үлэлиир-хамсыыр икки тас дойдуттан кэлбит быраастар бааллар.
Омскай уобаластан сылдьар реаниматолог уопсай ыстааһа 35 сыл, кини бу ыйга улууска үлэтин саҕалыахтаах. Ону тэҥэ быраас-лаборант үлэлии кэлэрэ күүтүллэр.
— Биһиги уопуттаах исписэлиистэри таһынан, тус сыаллаах үөрэххэ үөрэммит эдэр каадырдары эмиэ үлэҕэ ыллыбыт. Ол курдук икки эдэр эмчит учаастактааҕы терапевынан үлэтин саҕалаата. Кинилэри кытта уопуттаах быраастар, настаабынньыктар үлэлэһэллэр, үтүө уопуттарыттан атастаһаллар, — диэн сырдатар Ираида Ивановна. – Саҥа эмчиттэр кэккэлэрин өссө функциональнай диагностика бырааһа (ЭКГ), акушер-гинеколог хаҥаттылар. Аартык бөһүөлэгинээҕи амбулаторияҕа Дьокуускайтан кэлбит уопсай быраактыка бырааһа үлэтин саҕалаата. Маны тэҥэ бу бөһүөлэккэ Алтай өрөспүүбүлүкэтиттэн сылдьар биэлсэр уонна мэдиссиинэ сиэстэрэтэ кэлбиттэрэ.
2023 сылтан СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ киин балыыһалар салаалара эми-тому атыылыылларын туһугар лизенциялааһыны ыытыыга улахан үлэни саҕалаабыта биллэр. Бу күннээххэ өрөспүүбүлүкэҕэ 33 балыыһа эмп-томп атыылыырга көҥүл ылла.
Бу дьаһал иитиинэн быйыл сааскыттан Өймөкөөн, Сордоҥноох, Үчүгэй уонна Төрүт нэһилиэктэригэр, Аартык бөһүөлэгинээҕи амбулаторияларга Дьокуускай куорат аптекаларын кытта дуогабар түһэрсэн, аптека пууннара аһыллан үлэлиир буоллулар.
Эмчиттэр анал кэбиниэттэргэ кассовай аппараттары туһанан, нэһилиэнньэҕэ эмп атыылыыллар. Медикаменнары миэстэтигэр тустаах испииһэгинэн сакаастаан ылыы, нэһилиэнньэҕэ табыгастаах.
Улуустааҕы Киин балыыһа салалтата модернизация биэс сыллаах былаан-графигын быһыытынан тэрилтэ материальнай-тэхиньиичэскэй базатын тупсарыыга былааннаахтык үлэлэһэр.
Любовь Кривошапкина бэлэмнээтэ