Өймөкөөн улууһун абитуриеннарын ыстааба таһаарыылаахтык үлэлээтэ

Быйыл Өймөкөөн улууһунааҕы «Абитуриент-2024» ыстааба от ыйын 20 күнүттэн атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри үлэлээтэ. Уопсайа 42 үөрэххэ туттарсааччы ыстаап өҥөтүнэн туһанна.

Бу туһунан абитуриеннар ыстааптарын салайбыт улуустааҕы Үөрэх управлениетын бэрэстэбиитэлэ Анисья Киприянова иһитиннэрдэ.

Ол курдук тоҕус үөрэнээччи 9-с кылаас кэнниттэн орто анал үөрэххэ туттарсан киирдэ. Оттон 11-с кылаас кэнниттэн орто үөрэххэ 19, үрдүк үөрэх кыһатыгар 14 выпускник, ол иһигэр икки оскуоланы эрдэ бүтэрбиттэр киирдилэр. Абитуриент ыстааба үөрэххэ киирбит 6 устудьуоҥҥа уопсай дьиэҕэ киирэллэригэр көмөлөстө.

“Абитуриент” ыстааба манан үлэтин тохтоппот. Эһиилги выпускниктар үөрэххэ туттарсалларыгар билиҥҥиттэн үлэ саҕаланан, салгыы үөрэниэн баҕалаахтар биһиэхэ ыйытыылаах тахсыахтарын сөп, – диэн бэлиэтээтэ Анисья Викторовна.

***

Н.О. Кривошапкин  аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын учуутала, биһиги общ. корр. Агафья Готовцева киэн туттан кэпсээбитинэн, бу оскуоланы быйыл 5 оҕо бүтэрбитэ уонна бары 100% үөрэххэ киирдилэр.

Эрчим Аммосов саҥа сиргэ үөрэҕин хайдах саҕалаабытын туһунан маннык эттэ:

Мин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ физико-техническэй үнүстүтүүтүгэр прикладная механика үөрэҕэр киирэн номнуо үөрэнэ сылдьабын. Үөрэхпин сөбүлээтим. Манна үөрэнэргэ, сайдарга усулуобуйа барыта баар. Ону таһынан мин актыбыыстар общественнай бөлөхтөрүгэр киирбитим. Хотуттан сылдьар устудьуоннарга уопсай дьиэ олус наада эбит. Онно элбэх докумуон ирдэнэр. Ити курдук мантан антах барыта табыллан иһиэ, кылаабынайа, үөрэнэрбаҕалаах, кыһамньылаах эрэ буолуохха наада дии саныыбын.

Евдокия Егорова

 

Читайте дальше