Тэрилтэ салайааччыта Павел Сивцев иһитиннэрбитинэн, быйылгы күһүҥҥү ахсааҥҥа анал хамыыһыйа былааннаах үлэни ыытта.
Сорох ыстаадаларга адьырҕа кыыл — бөрө табалары ыһан кэбиһэн, үлэһиттэр табаларын биир сиргэ мунньаллара кыаллыбата. Онон бу үлэни кэлэр сыл олунньутугар ситэрэр сорук турда. Ол иһин күһүҥҥү ахсаан чопчуламмыт түмүгэ саас биллиэҕэ.
Өймөкөөн улууһугар бөрө мэнээктээбитэ тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдарыгар харгыстары үөскэтэр. Күһүҥҥү хараалга үлэлээбит дьон 30-тан тахса адьырҕа баарын бэлиэтииллэр. Бөрөлөрү кыдыйыыга табаһыттар уонна бөрөһүт Алексей Клюшкин көҥүллээхтэр. Алексей бу күннэргэ түөрт бөрөнү бултаата.
Таба күһүҥҥү ахсаанын ыытар хамыыһыйа састаабыгар “Үчүгэй” АУо үлэһиттэрэ, бэтэринээрдэр Айталина Сивцева, Владимир Атласов, Александр Ковлеков уонна Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын билим-чинчийэр институтун табаны иитии уонна үгэскэ кубулуйбут салаа лабораториятын научнай үлэһитэ, бэтэринээринэй билим хандьыдаата Иннокентий Григорьев, СӨ “Агроплем” тэрилтэ эбээн боруода табатын үөрдээн иитиигэ исписэлииһэ Айсен Дьячковскай киирдилэр.
Кинилэр харааллааһын кэмигэр чинчийии үлэтин ыыта улууска хаһыс даҕаны сылларын кэлэллэр.
Исписэлиистэр табалары хааннаатылар, бүгүйэҕи утары укуоллаатылар уонна маркировкалаатылар. Маны тэҥэ “Дьэкэй” сылгы базатыгар баар 69 сылгыга маркировка туруордулар, манна сылгыһытынан Василий Ашеин үлэлиир.
Санатар буоллахха, улуус үрдүнэн алтынньы ыйдааҕы туругунан 10790 баар, ол иһигэр “Үчүгэй” АУо 6150 табаны иитэллэр.
Любовь Кривошапкина
Хаартыскалары Павел Сивцев тиксэрдэ