Өймөкөөн улууһугар тыатааҕы мэнээктээһинэ бэлиэтэнэр

Кэнники сылларга тыатааҕы дьон олорор сирин таһыгар сылдьара элбээбитэ бэлиэтэнэр. Адьырҕа кыыл ойуур баһаарыттан куотан, дьон олорор сиригэр чугаһыыр буолла.

Быйыл сайын тыатааҕы ыаллыы сытар Томпо улууһун Хаандыга бөһүөлэгэр биир  хаһаайыстыбаҕа киирэн кууруссалары тарпытын туһунан социальнай ситимнэргэ сырдатан тураллар. Онтон Хаҥалас улууһугар оҕолоох адьырҕа дьахтарга саба түспүтэ биллибитэ. Онон тыатааҕы дьоҥҥо-сэргэҕэ олус куталланна.

Өймөкөөн да улууһугар дьон эһэни нэһилиэк таһыгар, айан суолугар көрөр түбэлтэлэрэ көстөллөр. Ордук — Сордоҥноох нэһилиэгэр.

Орто-Балаҕаҥҥа тыатааҕы  олус элбээтэ, биири нэһилиэктэн олох чугас, оттуур сиргэ көрбүттэр этэ. Ол иһин бу кыһалҕаны быһаарарга лицензиялаах булчуту кытта кэпсэтии ыытыллар, — диэн иһитиннэрдэ Сордоҥноох нэһилиэгин дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Лидия Аммосова.

“Өймөкөөн Тымныы Оройо” МТ дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Степан Готовцев эппитинэн, биир тыатааҕыны Биэрэк Үрдүн сайылыгар көрбүттэр этэ. Кэнники тыатааҕы бу диэки биллэ илик. Манна кэтээн көрүү үлэтэ ыытыллар.

Оттон Үчүгэй дьаһалтатын исписэлииһэ Аграфена Аммосова этэринэн, нэһилиэк таһынааҕы трассаҕа, сыбаалкаҕа тыатааҕы биирдиилээн бэлиэтэммитэ биллэр.

 Билигин сир аһын арааһа силигилээн буспут кэмэ. Дьон үксэ ойуурга талаһар. Онон тыаҕа барааччылары тулаҕытын көрүнэ, кэтэнэ сылдьаргытыгар, эһэттэн сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт.

 Ольга Скрыбыкина