Өймөкөөн улууһугар кыстыкка бэлэмнэнии тэтимнээхтик ыытыллар

Кыстыкка үктэнэрбит аҕыйах кэм хаалла. Улуус социальнай эйгэтин тэрилтэлэрэ сайыны быһа уһун кыһыны этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэннилэр, үлэ үтүмэнин тэрийдилэр.

Саҥа үөрэх дьылын көрсө – оскуолаларга үгүс үлэ ыытылынна

Улуустааҕы Үөрэх управлениетын уопсай үөрэхтээһини хааччыйар салаатын начаалынньыга Светлана Олейник эрэдээксийэҕэ манныгы иһитиннэрдэ.

Соторутааҕыта “Өймөкөөн улууһа” МТ дьаһалтатын, улуустааҕы Үөрэх управлениетын, Өймөкөөн улууһунааҕы ИДь салаатын бэрэстэбиитэллэрин уонна судаарыстыбаннай баһаарынай хонтуруоллааһын салаатын начаалынньыгын э.т. састааптаах муниципальнай хамыыһыйа Аартык бөһүөлэгэр, Төрүт, Томтор, Сордоҥноох, Үчүгэй уонна Өймөкөөн нэһилиэктэригэр сырытта, ол кэнниттэн Уус-Ньараҕа үлэлээтэ.

Хамыыһыйа сыала-соруга диэн үөрэхтээһин тэрилтэлэрин 2024-2025 үөрэх дьылыгар бэлэмнэрин бэрэбиэркэлээһин.

Ол түмүгүнэн үөрэхтээһин тэрилтэлэрин кэлэктииптэрэ сайын устата саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэниигэ улахан үлэни ыыппыттара, кэтээн көрөр уорганнар ыйбыт алҕастарын туоратыыга тустаах болҕомто уурбуттара бэлиэтэннэ. Сайын устата “Теплоэнергосервис” ААУо Өймөкөөн улууһунааҕы филиалын үлэһиттэрэ Уус-Ньара бөһүөлэгин үөрэх тэрилтэлэрин ититэр тиһигин ыраастаатылар.

Оттон Г.А. Кривошапкин аатынан Төрүт орто оскуолатын ититэр тиһигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Бу оскуолаҕа сыл аайы хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар диэн  үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Мария Николаева кэпсээтэ: “Ол курдук, ититэр ситимнэри саҥардыы уонна кырааскалааһын үлэтэ ыытылынна. Оскуола хапытаалынай өрөмүөнүгэр үлэлэспит дьоҥҥо улахан махталбытын тиэрдэбит. Оҕо уһуйааныгар эмиэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта. Ол курдук, манна саҥа түннүктэри олордууга үлэ тэрилиннэ”.

Төрүт нэһилиэгин оскуолатыгар ититэр ситими уларытыы

Култуура үлэһиттэрэ саҥа сезоҥҥа бэлэмнэнэллэр

Сотору кэминэн тыа сиригэр кулууптар саҥа сезоннарын арыйан, дьон-сэргэ сыралаах үлэ кэнниттэн сынньанарыгар туһуламмыт үлэни саҕалыахтара. Онуоха сайын култуура кииннэригэр туох үлэ ыытыллыбытын билистибит.

Татьяна Готовцева, култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта, Сордоҥноох:

— Кулууппут хапытаалынай өрөмүөнүн былааннаммыт кэмигэр түмүктээтибит. Өрөмүөн үлэтэ бэйэбит күүспүтүнэн барар. Ааспыт сыллааҕы өрөмүөн үлэтиттэн ордубут матырыйааллары тутуннубут. Нэһилиэк салалтатын көмөтүнэн барыта кэмигэр быһаарыллан, үлэ түмүктэннэ. Онон түгэнинэн туһанан, Сордоҥноох нэһилиэгин дьаһалтатын  баһылыгар Альберт Вензельга махталбын тиэрдэбин. Кини муоста, истиэнэ кырааскатын Дьокуускайтан аҕалбыта, ол биһиэхэ улахан көмө буолла. Бу күһүн киин куораттан эбии матырыйаал кэллэҕинэ, түмэл хоһун оҥорон, ситэрэн биэрэр былааннаахпыт.

Надежда Босикова, кулууп дириэктэрэ, Төрүт:

— Бу сайын кулууппутугар быстах өрөмүөн үлэтэ барда. Ону тэҥэ киирэр ааны ититии курдук атын да эмиэ үлэ эмиэ кыралаан ыытылынна. Сынньалаҥ киинигэр үһүө буолан: мин, уус-уран салайааччы, техүлэһит буолан үлэлиибит. Билигин кулууп сарайын өрөмүөнэ оҥоһуллара хаалла.

Биһиги корр.

Читайте дальше