“Теплоэнергосервис” ААУо Өймөкөөн улууһунааҕы филиала кэлэр оттук сезонугар бэлэмнэнии үлэтин ылыллыбыт кыраапыкка олоҕуран былааннаахтык тэрийэр. Бу туһунан тэрилтэ дириэктэрин э.т. Максим Ямщиков иһитиннэрдэ.
Кэлиҥҥи кэккэ сылларга Өймөкөөн улууһун нэһилиэнньэтэ барыта кэриэтэ итиинэн хааччыйыы кииннэммит хайысхатыгар көстө.
Былырыын Томтор нэһилиэгин Рабочай переулогар 30-ча кэтэх дьиэни хааччыйар саҥа хочуолунай үлэҕэ киирбитэ. Быйыл Өймөкөөн нэһилиэгин Биэрэк-Үрдэ учаастагар инвестиционнай бырагыраама чэрчитинэн итиинэн хаачыйыы саҥа эбийиэктэрин тутуу үлэтэ салҕанар. Манна хочуолунай кыамтата 3,75 МВт тэҥнэһиэҕэ, оттон ититии тиһиктэрэ 7 км кэриҥэ уһуннаах буолуохтара. Күһүҥҥүттэн бу эбийиэк 50 саҥа туһанааччыны итиинэн хааччыйан барыаҕа.
Улуус үрдүнэн 2,2 км ититэр тиһиги уонна 1,3 км уу ситимин хапытаалынайдык өрөмүөннүүр былааннаахтар.
Оройуон бары хочуолунайдара бу дьыл ахсынньытыгар диэри таас чоҕунан хааччыллыылаахтар. Оттугу салҕыы тиэйии кыраапыга чопчуламмыта, олору тиэйиигэ тустаах тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсиллэн турар – диэн кэпсээтэ Максим Андреевич Ямщиков.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Любовь Кривошапкина