Томтор нэһилиэгин биир тумус туттар киһитэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Екатерина Афанасьена Ефимова хаһан эрэ Өймөкөөн куустатын бүтүннүүтүн аһатан-таҥыннаран олорбут улахан эргиэн тэрилтэтин биир тутаах салайааччыта, сэбиэскэй кэмнээҕи потребкооперация туйгуна этэ.
Мария Боярова, РФ үтүөлээх учуутала, кыраайы үөрэтээччи:
- Екатерина Афанасьевна (хаартыскаҕа) билигин да бэйэтин нэһилиэгин, улууһун устуруойатын туһунан дириҥ билиитин аныгы көлүөнэни кытта үллэстэ олорор. Сергей Обручев эспэдииссийэтин сүрүн сирдээччитэ, «отважный Колумб Индигирки» диэн ааттамыт Дмитрий Егорович Старков-Миичэкэ, Өймөкөөн аатырбыт тимир ууһа Алексей Николаевич Слепцов (Чыыбылаан) сыдьаана, Ньукулай Кырбаһааҥкыҥҥа олорбут, үлэлээбит, иистэммит Пелагея Алексеевна Старкова диэн ийэлээх Е.А. Ефимова күн бүгүҥҥэ диэри улууспут устуоруйатын тыыннаах кэрэһитэ буолан үөрдэр-сөхтөрөр. Бүгүн хаһыат ааҕааччыларыгар кини ахтыытын билиһиннэрэбин.
Екатерина Ефимова:
- Томтор нэһилиэгэр «Торговое отделение «Оймякон» Индигирского продснаба УРС “Якутзолото» диэн балтараа сүүс үлэһиттээх атыы-эргиэн тэрилтэтэ ньиргиччи үлэлиирэ. Уус-Ньараҕа баар үрдүкү тэрилтэбит “Индигирский продснаб УРС «Якутзолото» диэн ааттанара.
Урукку “Өймөкөөн” атыы-эргиэн тэрилтэтэ оройуон сиригэр-уотугар баар нэһилиэнньэлээх пууннары барыларын аһынан-таҥаһынан толору хааччыйара.
Оччолорго Өймөкөөҥҥө 4 маҕаһыын, бэкээринэ, остолобуой, ас-таҥас ыскылаата, Томторго 5 маҕаһыын, икки остолобуой, бэкээринэ, ону таһынан 5 ыскылаат (овощной, продуктовай, холоднай диэн ааттаналлара) бааллара, биир кондитерскай сыах үлэлииллэрэ.
Оттон Орто Балаҕаҥҥа маҕаһыын, бэкээринэ, ферма үлэһиттэригэр анаммыт ларек, Үчүгэйгэ маҕаһыын, бэкээринэ, Күбүмэҕэ маҕаһыын, бэкээринэ, остолобуой, Кураанах Салааҕа маҕаһыын нэһилиэнньэни аһынан-таҥаһынан дэлэччи хааччыйаллара.
Эргиэн үлэһиттэрэ нэһилиэк общественнай үлэтиттэн туора турбат этилэрэ. Биһиги өрүүтүн Култуура дьиэтигэр ыытыллар тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттарбыт, тэрилтэлэр күрэхтэригэр элбэхтик бастыырбыт, субуотунньуктартан хаһан да туора турбат буоларбыт. Оччолорго тыа сирин маҕаһыыннара бары туһунан хочуолунайдаах этилэрэ. Олор бары маһынан ититиллэр буолан, оттукпутун бэйэбит бэлэмниирбит.
Тэрилтэбитигэр бу уһун сыллар усталарыгар биир да атыы-эргиэн сокуонун кэһии, уоруу, үбү сыыһа туттуу, итэҕэстийии тахсыбатаҕа. Онон биһиги билиҥҥээҥҥэ диэри астынабыт, киэн туттабыт.
Биһиэхэ, ыраах Өймөкөөҥҥө, Арассыыйа араас араас куораттарыттан, Молдавияттан, Украинаттан, Бурятияттан, Киргизияттан тиийэ кэлэн араас омук дьоно үлэлээбиттэрэ, бары олус иллээх-эйэлээх буоларбыт.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.