Өймөкөөн улууһун бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар киин куораттан уопсастыбаннас доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлиир уонна сэрэтии үлэтин тэрийэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин (кылаабынай быраас Алена Никитина) үлэлээтэ.
Санатан эттэххэ, маннык үтүө хамсааһын, Арктика улуустарыгар олорор дьон-сэргэ доруобуйатын көрөр-истэр, тупсарар, нэһилиэнньэ үйэтин уһатар сыаллаах-соруктаах, ааспыт сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев бачыымынан олоххо киирбитэ.
Ил Дархан бу көҕүлээһинэ Артика улуустарын дьонун-сэргэтин улахан сэҥээриитин ылбыт буолан, эмчиттэр мобильнай биригээдэлэрин үлэтин хотугу улуустарга салҕыыр туһунан быһаарыы ылыллыбыта.
Улуус олохтоохторо киин куораттан кэлбит эмчиттэргэ улахан махталларын биллэрэллэр.
Олортон биирдэстэрэ Төрүт нэһилиэгин ытык олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Ульяна Иннокентьевна Слепцова.
Кини барҕа махталын улуустааҕы “Хотугу сардаҥа” хаһыат нөҥүө маннык тиэртэ:
— Мин, аҕам саастаах киһи, нэһилиэгим да, улууһум да олохтоохторун аатыттан биһиэхэ кэлэн барбыт эмчиттэргэ улахан махталбын этэбин. Эһиги дууһаҕыт ырааһын, билиигит бастыҥын, сыһыаҥҥыт кэрэтин ыарыһахтарга аныырга айылҕаттан айыллан төрөөбүт үтүө-мааны аанньаллар буолаҕыт. Мин эһиэхэ тус олоххутугар дьолу-соргуну, үлэҕитигэр ситиһиилэри, саҥаттан саҥа арыйыылары баҕарабын.
Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо бары мин баҕа санаабар кыттыһалларыгар эрэллээхпин. Онон биһиги бары эһиэхэ өссө төгүл тулуурдаах, дьулуурдаах буоларгытыгар, олоххут тупсан иһэригэр, айаҥҥыт суола арылла, үлэ, үөрүү үксүү турарыгар баҕарабыт.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Любовь Кривошапкина