Улуус үрдүнэн атырдьах ыйын 19 күнүнээҕи туругунан 1311, 5 тонна от бэлэмнэннэ диэн улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын исписэлииһэ Евдоким Кондаков иһитиннэрдэ. Оттооһун уопсай былаана 3660 тонна, ол эбэтэр бу күннээххэ Өймөкөөн отчуттара былааннарын 35,8% толорон иһэллэр.
Нэһилиэктэринэн ыллахха, 2-с Бороҕон нэһилиэгэр 541 тонна кэбиһии турда, бу – былаантан 44%. Манна хаһаайыстыбалар быйылгы дьыллааҕы былааннара – 1230 тонна. Үчүгэй нэһилиэгин отчуттарын былаана 370 тонна. Отчуоттуур кэмҥэ үчүгэйдэр 35,5 тн оту туруоран, былааннарын 9,6% толорон иһэллэр. Орто-Балаҕан нэһилиэгэр былаан туолуута ханнык да нэһилиэктээҕэр үрдүк – 55,3%. Ол эбэтэр сордоҥноохтор 600 тонна от хаһаанар соруктарыттан аҥаарын (332 тн) булуннулар. Төрүт нэһилиэгэр былаан – 332 тонна. Билиҥҥитэ манна 64 тонна (былаан туолуута – 19,3%) бэлэмнэммитин туһунан иһитиннэрэллэр.
- Атырдьах ыйын 19 күнүнээҕи туругунан 1-кы Бороҕон нэһилиэгин отчуттара былаантан 31 эрэ бырыһыаны оттоон тураллар (былаан 1100 тонна), — диэн биллэрдэ тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Елена Винокурова. — Тоҕо диэтэххэ, ходуһаларбыт үксэ ууга сыталлар. Отчуттар тобуктарыгар диэри ууну кэһэ сылдьан оттуурга күһэллэллэр. Аны сотору-сотору түһэр ардахтар от үлэтин улаханнык атахтыыллар. Дьиҥэр, урукку дьылларга бу кэмҥэ номнуо былаантан 60 бырыһыан туолбут буолар этэ. Онон биһигини уустук кыстык күүтэр диэн сабаҕалыахха сөп. Ити курдук күн-дьыл туругуттан сылтаан, билиҥҥитэ аҕыйах сүөһүлээх хаһаайыстыбалар эрэ кыстыгы туоруур отторун булуннулар. Баар ыарахаттары аахсыбакка, отчуттар күн-дьыл туруга тубустаҕына, ходуһаларга уу түстэр эрэ күүстээх үлэҕэ ылсыахтара турдаҕа.
Любовь Кривошапкина