Быйыл Саха сиригэр ойуур хаһаайыстыбата тэриллибитэ 85 сыла бэлиэтэнэр. 1939 с. олунньу 14 күнүгэр Саха АССР Норуодунай комиссардарын Сэбиэтин тустаах уурааҕа тахсыбыта.
СӨ “Якутлесресурс” ГАУ Индигирдээҕи филиалын ойуур баһаарынай ыстаансыйатын (лесо-пожарная станция) дириэктэрэ Никита Винокуров бу тэрилтэҕэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ номнуо 16 сылтан орто.
Никита Прокопьевич кэпсээбитинэн, кини салайар ыстаансыйатыгар Өймөкөөн, Муома уонна Абый улуустара киирэллэр. Үлэһит уопсай ахсаана 17 киһи. Ону таһынан баһаар сезонугар, ол эбэтэр ыам ыйын 15 күнүттэн балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри, сезоннай үлэһиттэри ылаллар.
— Ааспыт сылга Өймөкөөн улууһугар 15 ойуур баһаара тура сылдьыбыта, — диэн иһитиннэрэр Н.П. Винокуров. – Онтон иккитэ сиринэн, уоннааҕыта авиационнай зонаҕа. Сезоннай үлэһиттэр сиринэн турбут баһаардарга үлэлииллэр. Дьолго, бу иннинээҕи сылларга курдук улахан баһаардар турбатылар. Ол туһугар сылтан сыл аайы сэрэтэр үлэ күүстээхтик ыытыллар. Дойду үрдүнэн ойуур баһаардарын сэрэтэр, дьон олоҕор куттал суоһаабатыгар туһуламмыт үлэни былааннаахтык тэрийии дьаһаллара тупсан, күүһүрэн иһэллэрин бэлиэтиэххэ наада. Дойдубут бэрэсидьиэнэ онуоха баһаарынай сулууспа үлэһиттэрин иннигэр чопчу соруктары туруорар.
Ойуур баһаарынай ыстаансыйатын үлэһиттэрэ сылы төгүрүччү сэрэтэр үлэни ыыталлар, анал маршруттарынан сылдьан судаарыстыбаннай сорудаҕы толороллор. Ойууру кэтээн көрөллөр, аналлаах баннердары, истиэндэлэри туруораллар. Уот бөһүөлэккэ, ходуһаларга, тыа хаһаайыстыбатын базаларыгар киирэрин бохсон, тыа саҕатынан минерализованнай ханаабалары хаһыы сыл аайы былааннаахтык барар. Ханаабалары хас икки сыл ахсын саҥардан иһэллэр.
Ону тэҥэ ойуурга 10 миэтэрэ кэтиттээх, 12 км усталаах солооһуннары оҥороллор. Маннык үлэ сүрүннээн тыа сиригэр ыытыллар.
— Биһиги үлэһиттэрбит ойуур баһаарын умуорууга улууска эрэ буолбакка, эрэгийиэннэр, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар, ханна баһаар турбут сиригэр, эмиэ ыҥырыллан бараллар. Ол курдук, холобур, быйыл Саха сиригэр баһаар сезона саҕаланыан иннинэ Приморскай кыраайга, Амурскай уобаласка барыахтарын сөп. Ити курдук бука бары бииргэ былааннаахтык үлэлиир буоламмыт, тулалыыр айылҕабытын харыстыырга, чөл хаалларарга туһуламмыт сорукпутун толорорго бары күүспүтүн уурабыт, — диир Никита Прокопьевич.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Любовь Кривошапкина