Соторутааҕыта улуустааҕы дьаһалтаҕа уопсастыбаҕа социальнай суолталаах бырайыактары көмүскээһин дьаарбаҥката буолан ааста. Дьаһал РФ Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларын иитинэн ааста.
Кыттааччылар сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор бэрээдэги кэһиилэрин сэрэтиигэ, инбэлииттэри, уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ сыһыаннаах хайысхаларынан социальнай бырайыактары билиһиннэрдилэр. Хас биирдии бырайыагы олоххо киллэриигэ муниципальнай бырагыраамалары нөҥүө тустаах үп-харчы көрүлүннэ диэн улуустааҕы Култуура управлениетын начаалынньыга Аксиния Сивцева иһитиннэрдэ.
Экспердэр сыл устата ыытыллыахтаах бастыҥ бырайыактары таллылар.
Ол курдук, Төрүт нэһилиэгин “Арыллыы” диэн бырайыагын олоххо киллэриигэ 70 000 солк. көрүлүннэ. Бырайыак сыала-соруга – Өймөкөөн улууһугар инбэлиит оҕолору социализациялааһыҥҥа туһуланар.
Г.А. Кривошапкин аатынан Төрүт орто оскуолатын “Будущий фермер как хозяин земли” диэн бырайыага “Тыа хаһаайыстыбата” бырагырааманан 150 000 солк. үбүлэниэҕэ.
Томтор нэһилиэгин “Чыпчаал” ыччат түмсүүтэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөн сиригэр-уотугар сылдьан сэргэлэри туруорбута 100 сылынан этнокултуурунай эспэдииссэйини тэрийиигэ 50 000 солк. ылла.
Уус-Ньаратааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл патриоттуу өйгө-санааҕа иитиигэ сыһыаннаах бырайыагын “Уус-Ньара бөһүөлэгэ” МТ дьаһалтата 47 000 солк. өйөөтө.
Томтор нэһилиэгин «Коммунарские сборы» бырайыага 31 000 солк. үбүлэниэҕэ.
Томторго ыытыллыахтаах “Күүстээх аҕалар” диэн Аҕа күнүгэр аналлаах аҕа уонна оҕо улуустааҕы күрэхтэһиитин тэрийиигэ 64 000 солк. көрүлүннэ.
Улуус уран тарбахтаах кэрэ аҥаардар «Өймөкөөн сомоҕо иистэнньэҥнэрэ» түмсүүтүн “Амарах санаа алгыһа” диэн холбоһуктаах бырайыактара 150 000 солк. үбүлэниэҕэ. Кинилэр харысхаллары, сиэлтэн атах уллуҥун сылытар сымнаҕас оҥоһугу (стелька), Өймөкөөн сирин-уотун эмтээх отторун анал мөһөөччүккэ мунньан, хас биирдии байыаска хомуйан ыытары былаанныыллар.
Томтор нэһилиэгин Аҕаларын сэбиэтэ улаатан эрэр оҕолору кытта “Корнепластика” диэн бырайыагы олоххо киллэрэллэригэр 50 000 солк. ананна.
Томтор нэһилиэгин эдэр кыраайы үөрэтээччилэрин “Экспонаттар устуоруйалара” диэн көрдүүр-чинчийэр үлэлэрин тэрийиигэ 55 000 солк. көрүлүннэ.
Өймөкөөн сэлиэнньэтин “Күбэйэ” диэн эдэр ийэлэр кулууптарыгар 10 000 солк. анаатылар.
Уус-Ньаратааҕы “Территория семьи” диэн дьиэ кэргэн гостинайдарыгар 10 000 солк. биэриэхтэрэ.
Үчүгэй сэлиэнньэтин көхтөөх ийэлэрин бырайыагын олоххо киллэрэллэригэр 10 000 солк. көрүллүөҕэ.
Төрүт нэһилиэгин ийэлэрин уонна аҕаларын кулуубугар эмиэ 10 000 солк. анаатылар.
Уус-Ньара бөһүөлэгэр ыытыллар элбэх уонна иитиэх оҕолоох дьиэ кэргэн улуустааҕы куонкуруһугар 50 000 солк. ананна.
“Тыа сирин дьиэ кэргэнэ” улуустааҕы куонкуруһу Өймөкөөн нэһилиэгэр ыытарга 60 000 солк. көрүллэр. Эдэр дьиэ кэргэн улуустааҕы офлайн куонкуруһугар 40 000 солк анаатылар.
Ити курдук 2024 сыл устата олоххо киириэхтээх социальнай суолталаах бырайыактарга муниципальнай таһымҥа холбоон 600 000 солк көрүлүннэ.
Бастыҥтан бастыҥнар гражданскай көҕүлээһини өйүүргэ СӨ баһылыгын граннарыгар кыттыыга мэктиэлэнэллэр, диэн иһитиннэрдилэр.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Любовь Кривошапкина