Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников оройуон тэрилтэлэрин салайааччыларыгар уонна Тымныы Полюһа – Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар ыҥырыы таһаарда:
— Билиҥҥи уустук кэмҥэ биһиги, Өймөкөөн улууһун дьоно-сэргэтэ, бүтүн Арассыыйа олохтоохторун курдук хаһааҥҥытааҕар да күүскэ түмүстэхпитинэ табыллар. Дойдуларын чиэһин көмүскэлигэр сылдьар Өймөкөөн улууһуттан байыаннай дьайыыга кыттар ыччаттарбытыгар — байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүлү оҥоруу, олох араас уустук боппуруостарын быһаарыыга көмөлөһүү – муниципальнай былаас уорганнарын уонна Өймөкөөн улууһун олохтоохторун сүрүн соруктара.
Сотору анал байыаннай эпэрээссийэ зонатыгар Өймөкөөн улууһуттан анал оробуочай дэлэгээссийэ улуус олохтоохторуттан хомуллубут гуманитарнай көмөнү илдьиэҕэ. Улуус официальнай дэлэгээссийэтин састаабыгар муниципальнай Мунньах дьокутаата Владислав Житенев, Сордоҥноох нэһилиэгин баһылыга Альберт Вензель, Өймөкөөн нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Павел Дягилев бааллар. Кинилэр биир дойдулаахтарыгар ас-үөл, үп-харчы гуманитарнай көмөтүн тиийэн туттарыахтара.
Биир дойдулаахтарбытыгар араас хайысхалаах көмөнү оҥорор дьоммутугар ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Эһиги ис сүрэххититтэн көмөҕүт тугунан да сыаналаммат!
Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоҥҥо уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр Көмө анал счета Өймөкөөн улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын көҕүлүүр пуондатын иһинэн аһыллан үлэлиир. Бу счеттан киирэр үбүнэн күн бүгүн байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр тустаах көмө оҥоһуллар.
Көмө оҥоруон баҕалаахтарга анал счет реквизиттэрин билиһиннэрэбит:
Счет получателя: 40703810614001000001
Получатель: ФОНД СОДЕЙСТВИЯ СОЦИАЛЬНО- ЭКОНОМИЧЕСКОМУ РАЗВИТИЮ ОЙМЯКОНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА)
ИНН получателя: 1420002250 КПП получателя: 142001001
Банк получателя: АКБ «АЛМАЗЭРГИЭНБАНК» АО
БИК банка получателя: 049805770
Корр. счет банка получателя: 30101810300000000770.
Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата