Өймөкөөн улууһугар кыһыҥҥы тоһуттар тымныыга экстремальнай марафон быйыл бэһис төгүлүн тохсунньу 12 күнүгэр ыытыллыаҕа.
Бу спортивнай тэрээһиҥҥэ Арассыыйа 8 регионуттан сүүрүктэр кыттыахтара, ол курдук Москваттан, Владимирскай, Кемеровскай, Смоленскай, Курскай уобаластартан, Удмуртияттан уонна Саха сириттэн. Уопсайа 37 сүүрүк илин-кэлин түсүһэрэ былааннанар. Кинилэр уопсайа икки дистанцияҕа сүүрүөхтэрэ: 21 км 100 м (полумарафон) уонна 42 км 195 м (марафон) диэн балаһыанньаҕа ыйыллыбыт.
Спортсменнар саастарынан алта бөлөххө арахсыахтара: 18-39 саастаахтар, 40-49, 50-59, 60-69, 70-74 уонна 75-н үөһээ саастаахтар.
Марафон буолуо биир хонук иннинэ спортсменнар бука бары мустан, трассаны кытары билсэн, медицинскэй көрүүнү уонна тиэхэньикэҕэ куттала суох буолууга инструктаж ааһаллар.
Бастатан туран, тэрийээччилэр дьон доруобуйатыгар куттал суох буолуутун хааччыйыы ирдэбилин болҕомтоҕо уураллар. Хас дистанция аайы балааккалар баар буолуохтара. Быраастар сүүрүктэр туруктарын кэтээн көрүөхтэрэ. Ыксаллаах быһыы-майгы тутулун үлэһиттэрэ, наада буоллаҕына, көмө буоларга бэлэм сылдьыахтара.
Күрэхтэһии 10.00 чаастан Өймөкөөн нэһилиэгин «Тымныы полюһа» стелатыттан саҕаланыаҕа. Оттон Томтор нэһилиэгин С.Обручев аатынан сквергэ марафон кыттыылаахтарын биэтэккэ көрсүөхтэрэ. Регламент быһыытынан экстремальнай сүүрүү спортсменнарыгар алта чаас бэриллэр.
Култуура дьиэтигэр 19.00 чааска экстремальнай марафон кыайыылаахтарын үөрүүлээх чиэстээһин, наҕараадалааһын буолуоҕа.
Марафон уонна полумарафон кыайыылаахтара үгэс быһыытынан хаар ойуулаах мэтээллэринэн, 100 уонна 50 тыһ.сууммалаах сэртэпикээттэринэн наҕаарадаланыахтара. Ону таһынан бастыҥ сүүрүктэр «БАСК» фирматтан үчүгэй хаачыстыбалаах соннору, сэртэпикээттэри тутуохтара, диэн тэрийээччилэр иһитиннэрэллэр.
Санатар буоллахха, 2022 сыллааҕы сүүрүүгэ 30 спортсмен кыттыыны ылбыта, 2023 сыллаахха – 45. Марафону тэрийэн ыытааччылар — «Тымныы полюһа» спорт кыһыҥҥы экстремальнай көрүҥнэрин сайыннарыыга уопсастыбаннай тэрилтэ уонна «Өймөкөөн улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтата. Оттон генеральнай спонсорынан үһүс сылын спорт экстремальнай көрүҥнэригэр табыгастаах тэрили оҥорон таһаарааччы, дойдуга биллэр «BASK» хампаанньа буолар.
Евдокия ЕГОРОВА